Төһө да тохсунньу томороон тымныыта торулаан турдар, күн сырдыга уһаабыта биллэр курдук. Кутуйах хаамыытынан да буоллар, сырдык диэки чугаһаан иһэбит. Онон, күммүт уһуна төһө буолла?
Саамай уһун түүннээх, кылгас күннээх – ахсынньы ньнь күнүгэр күн уһуна 5 чаас 8 мүнүүтэ этэ. Онтон биирдии-иккилии мүнүүтэнэн уһаан, тохсунньу 9 күнүгэр күммүт уһуна 5чаас 40 мүнүүтэ буолла, ол эбэтэр, 32 мүнүүтэнэн уһаабыт. Билигин үстүү мүнүүтэ уһуу турар. Бу кэнниттэн мүнүүтэ эбиллэрэ улаатан иһиэҕэ, тохсунньу 13 күнүттэн – 4-түү, тохсунньу 23 күнүттэн 5-тии мүнүүтэ эбиллэн барыаҕа.
Ол курдук, тохсунньу 9 күнүгэр – 32 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 13 күнүгэр – 47 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 16 күнүгэр – 1 чааһынан,
тохсунньу 19 күнүгэр – 1 чаас 13 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 25 күнүгэр – 1 чаас 43 мүнүүтэнэн (күн 4 чааска киирэр),
тохсунньу 31 күнүгэр – 2 чаас 13 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 19 күнүгэр – 1 чаас 13 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 19 күнүгэр – 1 чаас 13 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 19 күнүгэр – 1 чаас 13 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 19 күнүгэр – 1 чаас 13 мүнүүтэнэн,
тохсунньу 25 күнүгэр – 1 чаас 43 мүнүүтэнэн (күн 4 чааска киирэр),
тохсунньу 31 күнүгэр – 2 чаас 15 мүнүүтэнэн,
олунньу 8 күнүгэр – 3 чааһынан,
олунньу 18 күнүгэр – 4 чааһынан,
олунньу 29 күнүгэр – 5 чаас 4 мүнүүтэнэн,
кулун тутар 10 күнүгэр – 6 чаас 4 мүнүүтэнэн,
кулун тутар 20 күнүгэр – 7 чаас 3 мүнүүтэнэн уһуур.
Бу кэмҥэ күн уһуна 12 чааска тэҥнэһэр, онон сааскы күн тэҥнэһиитэ буолар. Күн сарсыарда 6 чаас 23 мүнүүтэҕэ тахсар уонна киэһэ 18 чаас 35 мүнүүтэҕэ киирэр.
***
Ангелина Васильева
Источник: Аартык