Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Табаһыт поэт: «Сарсын күн син биир  тахсыаҕа»

Табаһыт поэт: «Сарсын күн син биир  тахсыаҕа»

Мин бүгүҥҥү кэпсиир киһим – Михаил Колесов, Эбээн Бытантай, Саккырыыр бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Поэт, худуоһунньук, отоһут, айылҕаттан мындыр киһи. 

Аҕам хоһоон тэтимин олордон кэбиспит

Кистээбэккэ эттэххэ, мин букатын суруйбат этим, хоһооннору сирэрим, өйдөөбөт этим. Аҕам түүн 3 чааска оскуола оҕотун ойутан туруорааччы уонна остуол аттыгар туруоран баран хоһоон ааҕар этэ. Ону оҕо буоламмын олох сөбүлээбэт этим. Инньэ гынан, аҕам хоһоон тэтимин олордон кэбиспит быһыылаах, тоҕо диэтэр, чэпчэкитик уонна холкутук суруйабын. Онон, кэлин улаатан баран биирдэ айар буолбутум, 17 сааспыттан. Ол саҕана Иркутскайга үөрэнэ сылдьыбытым. Онно уолаттар кыргыттарга сурук суруйарга сакаастааччылар хоһоону, дьэ оннук саҕаламмыта айар дьоҕурум. Мин бэйэм эбээммин, нууччалыы үөрэммит буолан, үксүн наар нууччалыы суруйабын. Аҕам саха тылын учуутала этэ. Бу билигин кэлэн, сахалыы хоһооннору саҥа айар буолан эрэбин. Поэзияны сөбүлүүрүм диэн – тугу көрөҕүн да, ону этэҕин. Холобура, ойууру көрөҕүн, ону барытын оруобуна аҕыйах тылынан этэн кэбиһэҕин. 3 строканнан этэн кэбиһиэххэ сөп. Миэхэ ол иһин үчүгэй поэзия.

Изображение

Эмчит, отоһут

Миэхэ аҕам да, ийэм да өттүттэн өбүгэлэрим ааттара ааттаммат улахан ойууттар бааллар. Эбээлэрим отоһуттар, эмчиттэр этэ. Ол иһин билигин мин отунан дьарыктанабын, дьоннорбор көмөлөһө сатыыбын. Бастааҥҥыттан тоҕо медик үөрэҕэр үөрэммэтэхпиний диэн билигин кэлэн ыйытынабын.

Дьиҥнээх баардаах дьон «тыҥырахтарын кистии» сылдьаллар, киэҥник биллэ сатаабаттар. Ойууттар диэн улахан тургутуулары ааспыт дьон, бу биһиги сирбитин, олохпутун көмүскүү кэлбит дьон буолаллар. Оннук дьон букатын аҕыйахтар. Саха киһитэ куруук өбүгэлэриттэн көрдөһө сылдьыахтаах, сири-уоту аһатан, сиэр-туом тутуһуохтаах. Өбүгэлэрбит бары биһигини кытта бааллар, хааммытыгар, айылҕабытыгар. Көрдөстөххө чугастар.

Көс олох туһунан

Биһиги көс олохтоох дьон, родовой общиналаах этибит. Кэлин ийэм, аҕам ыалдьыбыттарыгар, бөһүөлэккэ киирбиппит. Хайаларга быраатым эрэ хаалбыта, кини улахан уола саҥа община тэринэн, билигин көһө сылдьар.

Онтон мин уолум АГАТУ 3 кууруһун устудьуона. Эмиэ айар куттаах. Былырыын Узбекистаҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ бэйэтин хоһооннорун ааҕан Гран-при буолан кэлбитэ. Быйыл Кытайга баран эмиэ Гран-при аатын сүкпүттэрэ. Уопсайынан, миигин баһыйыыһы быһыылаах диэн үөрэбин.

Изображение

Син биир сарсын күн тахсыаҕа

Стихи. ру диэҥҥэ хоһооннорбун уган баран, отой даҕаны умнан кэбиспит этим, ол саҕана көһө сылдьыбыппыт. Онтон күһүн кэлэн баран көрбүтүм, арай почтам барыта тобус толору этэ, киһи бөҕөтө суруйбут. Соһуйан эрэ хаалбыппыт. Кэргэним кумааҕылары сос да сос буоларбытыттан сөп буолан, билигин маннык төлөпүөҥҥэ угуохха сөп эбит диэн көрдөрбүтэ. Аны ханна ыытабын диэн буолбута, саайт эрэ дэлэй буоллаҕа, онтон көннөрү стихи.ру диэн суруйан, онно мээнэ уган кэбиспитим. Булчут буоламмын, оруобуна таппыппын эбит (күлэр). Дьэ онтон ыла дьон көрөн, хоһооннорбун сэҥээрэн барбыттара.

«Поэт года 2014» III степеннээх лауреат үрдүк аатын сүкпүтүм. Сыыйа «Союз российских писателей» киллэрбиттэрэ. Онтон Москубаҕа бырабыыталыстыба дьиэтигэр хоһоон ааҕан турардаахпын, дьиҥэр, биир хоһоону эрэ ааҕыахтаах этим, ону мин үс хоһоону аахпытым. Тиһэҕэр, микрофонтан арахсымаары гынна диэннэр, распорядитель сиэтэн таһаарбыта. Онно «Золотое перо» биэрбиттэрэ.

Аҕам устан хаалларбыт кинопленкаларын, Прагаттан Мартин диэн документалист киһи киинэ оҥоро сылдьар, табаһыттар тустарынан. Ону оцифровкалыахтаах, сыл курдук оҥоһуллара буолуо. Онон, барыта табылыннаҕына, эһиил документальнай киинэ тахсыахтаах.

Эһэлэрбит биһиэхэ кыра эрдэхпититтэн «сарсын күн син биир  тахсыаҕа» диэн үөрэтээччилэр, хайдах даҕаны балаһыанньаҕа санааҕын түһэриэ суохтааххын. Хайдахтаах да ыараханы аһардан, сарсыҥҥыгар тиийиэхтээххин, тыыннаах.Төһө кыалларынан бэйэҕит сүрэххитигэр үчүгэйи, кэрэни мунньуна сатааҥ. Тулалыыр дьоҥҥутун-сэргэҕитин, баары харыстааҥ!

***

Татьяна ЖАНЧИКОВА


Источник: Аартык
Поделиться:
11:35
5
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.