Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Элбэх оҕолоох ыал учаастагар уот тардар төһө буолуой?

Элбэх оҕолоох ыал учаастагар уот тардар төһө буолуой?

Өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, депутат Иван Даниловы кытары бииргэ лифткэ киирэн айаннаатыбыт. Уйбаан аламаҕай аҕай, дорообото-дыраастыйа биэһиэн. Дьиҥинэн “сылаабайдаан” онно-манна түбэспэтэҕинэ киһи быһыытынан үчүгэй уол. Уопсай “кистэлэҥи” билэр дьон быһыытынан бэйэ-бэйэбитин көрсөн ымаҥнастыбыт, атын аргыстар суохтара буоллар саҥа таһааран алларастыах хаалла.

Ити аата алтынньы 9 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан Ил Тумэҥҥэ киин куорат сайдарыгар хас үп-харчы наадатын ырытар киэҥ кэпсэтиигэ кэллибит. Мунньахха Дьокуускайтан талыллыбыт Ил Түмэн депутаттара, ону сэргэ правительство чилиэттэрэ, киин куорат баһылыга, үлэһиттэрэ мустубуттар. Бу дьону барыларын иилээн-саҕалаан кэпсэтиннэрдэ – Павел Петров.

Байбал иккис болдьоҕун Ил Түмэҥҥэ депутаттыыр, онон дьиэтийбит, кини экономикаҕа, инвестицияҕа, промышленноска политика сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ. 

Изображение

Норуот депутата Ивпн ДАНИЛОВ

Киһи билэр депутаттарыттан – Елена Голомарева, Алена Атласова, Антонина Григорьева, Светлана Давыдова, Виктор Федоров, Иван Луцкан, Владимир Федоров, били Иван Даниловым бааллар… Александр Атласов Андрей Находкинныын ханна эрэ киирэллэр-тахсаллар, мунньаҕы быһа солото суохтар. Болуодьа Федоров хойутаан соҕус тэлэмээттэнэн киирдэ, буоларын курдук таах олорбото тыл-өс кыбытта, көх-ньэм бөҕө, сэргэх аҕай.

Изображение

Норуот депутата Владимир ФЕДОРОВ

Бииктэр Федоров көрдөх аайы тупсан иһэргэ дылы, санкция эҥин диэннэрин таах тибиирэн кэбиһэр быһыылаах.  Күлүмүрдээн олорор. Онуоха холоотоххо Елена Христофоровна уку-сакы көрүҥнээх, соторутааҕыта массыанньыктарга түбэстим диэн суруйбута, онон санаата алдьана сылдьаахтаатаҕа. Дьаабы.

Сүрүн тылы киин куорат баһылыга Евгений Григорьев тутта. Мээр “кулу” эрэ диэбэккэ ханнык кыһалҕаны хайдах быһаарыахха сөбүн туһунан этиилээх кэлбит.

Изображение

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений ГРИГОРЬЕВ

Мээр дакылаатыттан иһиттэххэ, билигин Дьокуускай куоракка 386 464 киһи олорор эбит. 2019 сыллааҕыга холоотоххо куорат нэһилиэнньэтэ 18% элбээбит. Ол аата Саха сирин дьонун 38%-на эбэтэр үс гыммыт биирэ бары киин куоракка симиллэн олоробут. Атын куораттарга холоотоххо Дьокуускай 2,8% тэтимнээхтик улаатар, төрүөтэ – дьон көһөн кэлэриттэн.

Ол иһин да уулуссаҕа массыына баппат үлүгэрэ, дьиэ-уот тиийбэт айдаана, автобуска симиллии кытаанаҕа эбит. Аны бөхпүт-хахпыт элбэҕэ, туттар уубут-хаарбыт үтүмэнэ, тэпсэр суолбут үлүгэрэ.  200 тыһыынча киһиэхэ оросчуоттаммыт куорат икки төгүл улааппытыгар, биллэн турар, коммунальнай хаһаайыстыба кыаммат.

Ол да буоллар куораттар таах олорбоппут, үлэһит бөҕөбүт, куорат хааһынатыгар урбаанньыттар нолуок бэккэ төлүү олорор эбиппит. Быйыл эргиэмсиктэр 212 694 мөлүйүөнү эргиппиттэр. Былырыын 199 713 мөлүйүөн эбит. Аһатар-сиэтэр салаа 20 мөлүйүөнтэн 23 мөлүйүөҥҥэ диэри харчыны эргиппит. Таһаҕас таһыыта – 9,4%, пассажир таһыыта – 16,5% элбээбит. Куорат бюджетигэр киллэрэр бэйэтин дохуода 5,8 млрд эбит, ороскуота 6 млрд. Син үп-харчы киирэ сатыыр эбит да, ороскуотун син биир саппат. УСН нолуога аччатыллан турар, Саха сиригэр улаатан 4% буолла, Россияҕа – 6%. Биллэн турар, ол урбаанньыттарга үчүгэй, ол эрээри куорат бюджетыгар охсуулаах. Онон республика бюджета итини толорон биэрэрэ хайаан да наада диэн мээр этэр.

Уһук Илин регионнарын киин куораттарын кытары тэҥнээтэххэ, Дьокуускай киһитин ахсаанынан эбиллэ турар эрээри, бюджетэ онтон тоҕо эрэ хаҥаабат эбит, 5-с эрэ миэстэҕэ сылдьар. Иэһэ-күүһэ сылтан сыл эбиллэ турар.

Дьону таһар автобус атыылаһарга, саҥардарга, ангар, гараж тутарга куорат бэйэтин үбэ тиийбэт,  республика итиннэ кыттыгас үбүлээһин программатын толкуйдуон наада диэн буолла.

Аны манан диэн эттэххэ, Дьокуускайтан Жатайга сылдьар автобустар эһиил тохсунньуттан тохтуур кутталлаахтар эбит. Прокуратура утарбыт. “Атын куорат уокуругар тоҕо дьону таһаҕыт?!” – диэн буолан-хаалан турбут. Республика хайаан да муниципалитеттар икки ардыларыгар сылдьар автобустарга субсидия көрүөхтээх эбит, оччоҕо эрэ ити айан сокуоннай буолар үһү. Эрэйин. Ону Саҥа дьылга диэри быһаарыах этигит диэн мээр депутаттарга уонна правительствоҕа туһаайан эттэ. Оннук гымматахтарына дьэ, атыыр айдаан тахсар.

Автовокзалы куорат ортотуттан көһөрүү көдьүүстээх диэн Евгений Григорьев эттэ. Бастатан туран, куорат ортотугар массыына аҕыйыыр, иккиһинэн, сыт-сымар суох буолар, салгын чэбдигирэр. Автовокзал аэропорт оройуонугар уонна Гимеин диэки икки сиринэн тутуллуохтаах.  Умнаһыттарбыт куорат кытыытыгар барсар буолбуттар.

Дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү улахан кыһалҕа. 1271 дьиэ хаарбах туруктаах, онтон 957-тэ көһөрүү III-с уочаратын кэтэһэр. Ол үрдүнэн 85 дьиэ олох сууллар кутталлаах, суут уурааҕа тахсыбыт, балары көһөрөргө харчы көрүҥ диэн көрдөһүү барда. 

Сир кыһалҕата. Сир тиийбэт. Эттэһэн-эллэһэн Намцыыр, Бүлүү аартыктарыгар федераллартан ойуур сирин ылан куорат сиригэр көһөрбүттэр, сотору 1,5-2 тыһыынча ыалга учаастак түҥэтиэхтэрэ. Оттон сир ылар уочаракка 9 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал турар эбит. 2 тыһыынча ыал сир оннугар харчынан ылбыттар. Мээр 350 тыһыынчаҕа диэри харчыны улаатыннарыахха, сүрэ бэрт диир.

Евгений Григорьев саҥа учаастактарга сылын ахсын суол, уот, гаас тардарга харчы көрдүүр. Дьиҥинэн, наһаа элбэх үп наадата суох эбит: уот тардарга үс сылга барыта 714,4 мөл., гааска  – 970 мөл., суол тутуутугар 2540,8 мөл. Өскөтүн биир дьиэ (Арктическай киин) 18,5 млрд солкуобайга тутуллар буоллаҕына, үс сылга 4,5 млрдка учаастактар уоттарын-күөстэрин, суолларын барытын тутуохха сөп эбит.

Болуодьа Федоров мыраан үрдүгэр куораты көһөрүөххэ диэн этиитэ олоххо киирэн эрэр быһыылаах. Бүлүүлүүр аартык 16 км-гэр 1000 кэриҥэ учаастак бэлиэр тыырыллан эрэр.

Дьиэ-уот кыһалҕатыгар – тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы программатыгар, маневреннай фонд дьиэтин тутуутугар үп эмиэ тиийбэт.  Ону быһаарарга мээр туруоруста. Өссө биир көрдөһүүнэн, Управляющай хампаанньалар үлэлэрин хонтуруоллуур, ирдиир, дьайар быраабы муниципалитеттарга биэриҥ диэн буолла.  УКалар наһаалаатылар, кими да истибэттэр.

Евгений Григорьев ис сүрэҕиттэн дьон кыһалҕатыгар кыһаллара көстөр.

Мээр дакылааттаан бүппүтүн кэннэ дьүүллэһии буолла.

Куорат депутаттара сотору-сотору Минфиннэри уонна Минтранстары ыынньаҥалаттылар. Анарааҥнылар да, бэтэрээҥнилэр да уҥа-хаҥас дайбаһыы.

Изображение

Норуот депутата Алена АТЛАСОВА

Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро автобуһунан босхо сылдьыбаттарын саҥардыы билэн депутат Алена Атласова наһаа хомойдо, чараас-чараастык тула-мала көрдө. “Оттон президеммит балаҕан ыйыттан оҕолору босхо таһыҥ диэбитэ дии”, – диэн иһиллэр-иһиллибэттик үөһэ-аллара тыынна. Минтранс уонна Минфин бэрэстэбиитэллэрэ: “Харчы суох!” – дэтэлиэхтэрин баҕардылар быһыылаах да, туттуннулар уонна боппуруоһу Минтрудка салайдылар бадахтаах.

Тойон-хотун төһө баҕарар “оҥоруҥ-тутуҥ” диэн дьаһайыан сөп эрээри үп көрүллүбэтэх буоллаҕына, автобустаахтар бэйэлэрин суоттарыгар таспаттара чахчы. Ити боппуруоска соторутааҕыта быһа эфиргэ Ил Дархан чааһы быһа кэпсэл бөҕөтүн кэпсээбитэ. Атласова көрбөтөх эбит.

Депутат Светлана Давыдова куоракка поликлиника тутуутун ыйыталаста. “Минздрав быһаарар!” – диэн правительство үлэһиттэрэ силбиэтэнэн кэбиһэн истэхтэринэ, бэрэссэдээтэл Байбал чааннарын тардан, боппуруоска арыый кэҥэтэн эппиэттээтилэр. Антонина Григорьева оскуолатын сураста. Иван Луцкан Жатайга автобус сырыыта атахтанаары гыммытыгар долгуйда. Иван Данилов уоттаах-күөстээх, дьоһуннаах тыл эттэ да, күлэн кэбиһэн кыайан истибэтим. Атыттар да араас ыйытыыны биэрдилэр, чопчуластылар, кыратык куоластарын сонотон да ыллылар. Элбэх кэпсээн таҕыста.

Бачча киэҥ кэпсэтии тахсыбыта түмүктээх буолар ини. Депутат үксэ куоракка олорор, онон Дьокуускайтан талыллыбыт эрэ депутат кыһалҕата оҥорбокко, киин куораппыт олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар бары интэриэстээхпит.

***

Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru


Источник: Аартык
Поделиться:
09:25
6
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.