Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Александр Атласов: «Нам оройуонун холкуостара» кинигэ тахсыыта ыччаты иитиигэ улахан суолталаах

Александр Атласов: «Нам оройуонун холкуостара» кинигэ тахсыыта ыччаты иитиигэ улахан суолталаах

Норуот дьокутаата Александр Атласов алтынньы 8 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы кииннэммит библиотека конференц-саалатыгар  «Нам оройуонун холкуостара» кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ылла.

Кинигэҕэ 1927-1951 с.с. Нам оройуонугар холкуостар тэриллиилэрин, сайдыыларын историятын кэрчик кэмэ  сырдатыллыбыт. Манна СӨ Национальнай архыыбын уонна Намнааҕы муниципальнай архыып докумуоннара, Саха сирин уонна Нам улууһун араас сыллардааҕы хаһыаттарын матырыйааллара, нэһилиэктэр архыыптарыттан хаартыскалар киирбиттэр. Кинигэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ананан 544 сирэйинэн 160 экземплярынан бэчээккэ таҕыста.

Изображение

Үөрүүлээх түгэнинэн  Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов  мустубут дьону эҕэрдэлээтэ уонна наҕараадалары туттарда. Кини улуус историятын дириҥник сырдатыыга уонна үйэтитиигэ дьоһун, киэҥ хабааннаах үлэ барбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ордук бу улахан суолталаах үлэҕэ бэтэрээннэри кытта тэҥҥэ ыччаттар, оҕолор кыттыыны ылбыттара көлүөнэлэр ситимнэрэ салҕаныытыгар улахан суолталаах диэн эттэ. Ыччаттар төрөөбүт түөлэбэлэрин историятын, эһэлэрэ, эбэлэрэ оччотооҕу  аас-туор, сэрии уустук кэмнэригэр хайдахтаах ыарахан үлэни эт санныларынан уйунан, дьлуурдаахтык үлэлээн дойдуларын үүнүүгэ-сайдыыга аҕалбыттарын үөрэппиттэрэ, билбиттэрэ улахан суолталаах диэн кини эттэ.

Улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова бу үлэни  Нам оройуонугар  холбоһуктааһын сылларын туһунан эдэр көлүөнэҕэ тириэрдэр сыалтан, 2021 сыл күһүнүгэр  «Холкуостаах хоодуоттар» диэн документальнай видеокиинэ уһуллубута диэн кэпсээтэ.

Изображение

«Нэһилиэктэртэн биирдии краевед-ветераннар эппиэтинэстээхтэринэн ананан, нэһилиэктэр историяларын улуустааҕы уонна республикатааҕы национальнай архыыптартан көрдөөн, чинчийэн үөрэтэллэригэр кэпсэтии ыытыллыбыта. Түмүллүбүт матырыйааллары үйэтитэр санааттан 2021 сыл ахсынньытыгар оскуола оҕолоро уонна бэтэрээннэр холбоһуктаах  научнай-практическай конференциялара ыытыллыбыта. Эбии  матырыйаал хомуллан,  холкуостар бөдөҥсүйүүлэрин туһунан улууспут историятын үөрэтэр-кэпсиир кинигэни таһаарарга былаан ылыныллыбыта», – диэн кини сырдатта.

Кинигэҕэ 19 нэһилиэк холкуостааһынын историята  киирбит. Матырыйаал хомйуутугар тус бириэмэлэрин аахсыбакка, дьаныардаахтык, эппиэтинэстээхтик  үлэлэһэн,  кинигэ тахсыытыгар бэйэлэрин улахан  кылааттарын киллэрбиттэригэр барҕа махтал тылларын мустубут дьон тириэртилэр.  Кинигэни таҥмыт, түмпүт, сааһылаабыт, үгүс үлэни оҥорбут республикаҕа киэҥник биллэр энтузиаст кыраайы үөрэтээччигэ, СӨ Үтүөлээх учууталыгар, Нам улууһун, Үөдэй нэһилиэгин Ытык киһитигэр Алексей Дмитриевич Яковлевка  махтаннылар.

Изображение

Бу кинигэ эдэр көлүөнэҕэ уонна хас биирдии ааҕааччыга Нам оройуонун урукку тыйыс, аас-туор, кырыымчык холкуостааһын   кэмнэринээҕи  олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии билсэригэр олук ууруоҕа диэн  эрэллэрин биллэрдилэр. Кинигэ  бүгүҥҥү буккуурдаах кэмҥэ ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, историяны хайдах баарынан үөрэтиигэ сүҥкэн суолталааҕа саарбаҕа суох.

***

Ил Түмэн пресс-сулууспата


Источник: Аартык
Поделиться:
11:10
8
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.