Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Саха саарыннара бааллара

Саха саарыннара бааллара

Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диэбиккэ дылы, үнүрүүн баһаарга тиийэммин туох эмэ сибиэһэйи амсайаары, эрээттэри өҥөйтөлөөтүм. Дьэ, ас-үөл талбыта тардыллыбыт – Чурапчы этэ, Таатта арыыта, Кэбээйи собото, Уссуйаана
ыыһаммыт балыга,  Марха сибиинньэтин сыата, Хаҥалас сүөгэйэ, Өлүөхүмэ сыыра, хортуоската, Уус Алдан
хаппыыстата барыта баар да, сыаната баһырхай эбит. Аҕыйах кырбас ынах этин сыалааҕыттан таламмын ыйааһын хараҕар уурдарбытым, мыыммыт санаабар туох да дуона суох курдук көһүннэ. Онтон атыыһытым ымыр да гынан көрбөккө хас да нууллаах сыыппараны эппитигэр, төрүт да тиэрэ баран түһэ сыстым…

Төннөн иһэн саныыбын ээ, маннык буоллаҕына үгүс ыал, ордук тыаттан көмөтө суох, маҕаһыыны эрэ маныыр өттө сотору айаҕар да собуор барыыһы диэн. Аҥардас биэнсийэҕэ, босуобуйаҕа олорооччулар, элбэх оҕолоохтор, тулаайахтар,
ыарыһахтар, кыаммат-түгэммэт дьон элбэх буоллахтара дии. Киһи барыта хаһаайыстыба тутар, оттуур-мастыыр, бултуур-балыктыыр, оҕуруот олордон эбинэр кыаҕа суох.

Арассыыйа эбэ хотун биэс гыммыт бииригэр тайаан олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр мунньан-тараан биир мөлүйүөн кэриҥэ киһи олорор. Онтон олохтоох омуга баара-суоҕа мөлүйүөн аҥаарын да кыайбат, бу байҕалга таммах. Салалта,
былаас бу дьону аһынан-таҥаһынан хааччыйар эбээһинэстээх.

Урут биһиэхэ даҕаны норуоттарын туһугар турууласпыт, уос номоҕор киирбит салайааччылар,  саха саарыттара бааллара. Холобур, былыр Өймөкөөн аатырбыт атыыһыта Ньукулай Кырбыһааҥкын бэйэтин баайын-дуолун, сылгытын-табатын буор-босхо дьадаҥы дьоҥҥо түҥэтэн хоту дойду олохтоохторун хоргуйууттан быыһаабыта. Илья Егорович Винокуров Аҕа дойду уоттаах сэриитин кэмигэр Москуба куоракка тиийэн Сталиҥҥа быһа киирэн Сахатын сиригэр ас-таҥас, сэп-сэбиргэл туруорсан норуотун махталын ылыан-ылбыта. Ол саҕана тыылга сутааһын буолбутугар олохторун толук ууран туран, “чып” кистэлэҥинэн сүөһү өлөттөрөн, туораах бурдук түҥэтэн биир дойдулаахтарын өлөр-өлүүттэн быыһаабыт колхуос бэрэссэдээтэллэрэ да бааллара. Дьалхааннаах 90-сс сылларга бастакы Президеммит М.Е.Николаев сөптөөх дьаһалынан элбэх оҕолоох ыалларга толуонунан эбии бородуукта көрөннөр үгүс ыалы абыраабыттарын эмиэ өйдүүбүт.

Сахабыт сирин бааһынайдара, кэтэх да ыаллар сүрүннээн этинэн, үрүҥ аһынан, балыктааһынынан, оҕуруот олордуутунан, бурдук үүннэриитинэн  дьарыктаналлар. Бу икки хараҥаны силбиир тыа үлэһит дьоно, биир да күн өрөбүлэ суох үлэлээбит үлэлэрэ, тохпут көлөһүннэрэ биллэн турар үрдүктүк сыаналаныахтаах. Тыа хаһаайыстыбатын
сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан сыллата үгүөрү үп көрүллэр. Арай ол көрүллүбүт 15 млрд солкуобайтан кырыйан ылан аһы-үөлү оҥорооччулары кытта бородууксуйа сыанатын бысыһан баран, ол атыылаабыт бородууксуйаларын араастаһыытын дотация курдук сирэй счеттарыгар түһэрэр киһи бары да абыраныа этибит. Оччотугар сыана түһүө, оҥорон таһаарааччыларга интириэс да өссө күүһүрүө, бородууксуйа атыыга барыыта
үксүө, олохтоох, ыраас аһылык остуол хотойорунан буолуо этэ уонна үп-харчы да уон илии иһинэн ааһан туһата суох иҥэн-сүтэн хаалара тохтуох этэ.

Ырыынак сокуона тыйыс. Билигин хоргуйан да барбатарбыт, улахан кризиска олоробут. Сыана үүнэ-тэһиинэ суох барыытын утары депутаттарбыт төбөлөрүн күүскэ сынньыахтарын наада. Бюджет харчытын тыырар диэн  дьыала аҥаара, онтон ол үбү хонтуруолга ылан туһаҕа таһаарар диэн сыалай дьыала. Ону ити Уйбаныап, Баскачыын курдук төбөлөөх, ааҕар-суоттуур, сытыы-хотуу уолаттар ылсаллара буоллар туох эрэ хамсааһын тахсыах этэ дии саныыбын.

Биһиги иннинээҕи көлүөнэ дьон олох олороору, айаары-тутаары аһаабыт эбит буоллахтарына, аныгы дьон аһыыр-таҥнар  эрэ туһугар мөхсөөхтүүр эбиппит.

***
А.С. Охлопков – АЙЫМ

Фото Aartyk.Ru


Источник: Аартык
Поделиться:
13:16
5
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.