Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

“Өрөгөйтөн” өрө көтөҕүлүннүм

“Өрөгөйтөн” өрө көтөҕүлүннүм

Бүгүн Михаил Лукачевскай “Өрөгөй” киинэтин көрөн кэллим, сүрдээҕин сөбүлээтим. Үлэ бөҕө барбыт, барыта толкуйдаан оҥоһуллубут. Олоххо дьиҥ буолбуту устар, ону дьоҥҥо итэҕэтиилээхтик тиэриэрдэр, дьэ уустук дьыала буолуохтаах. Киинэ ис хоһооно, артыыстар оонньууллара, дьүһүннэрэ-бодолоро, быһыылара-таһаалара, күрэхтэһии тыына – барыта табыллыбыт. Маладьыастар!

Аҕыйах түгэҥҥэ тохтоон ыллахха, ити Шахмурадов Олимпиадаҕа кимнээх кытталларын этэригэр биһиги уолаттарбытын кытта Аан дойду ааттаахтарын Владимир Юмины, Леван Тедиашвилины, Виктор Новожиловы, Иван Ярыгины, Сослан Андиевы тэҥҥэ ааттаталаабыта буоллар, бу үс саха өрөгөйүн суолтата өссө үрдүөхтээҕэ хаалбыт.

Онтон Пинигин Кизеры кыайан баран трикотун, баттаҕын көннөрүнэрин уонна көбүөр таһыгар быар куустан туран Арамааҥҥа ыалдьа турарын Мэҥкээрэп үүт-үкчүтүк көрдөрбүтүн дьэ сөхтүм, үүт-маас Байбал Байбалынан… Аны Арамаан оҕо эрдэҕиттэн дьиҥнээх лидер буоларын олус табатык ойуулаабыттар уонна тустан бүтэн көбүөртэн тахсан эрэрэ баар ээ, эмиэ туспа шедевр.

Киинэни көрө олорон Александр Иванов-Улуу Пехлеван “подковернай интрига” сиэртибэтэ буолбатаҕа буоллар, дьэ кырдьык да Олимпиадаҕа бастыахтаах этэ диэн санаа төбөбүттэн арахпат. Уопсайынан Дмитрий Петрович Коркин, кини кэргэнэ Александра Семеновна, Александр Иванов, кини кэргэнэ Варвара Афанасьевна, Бөтүрүөбүс уҥа илиитэ Константин Сергеевич Постников, Павел Пинигин ийэлээх-аҕата, олимпиецтарбыт оҕо эрдэҕинээҕилэрэ, Сахаачча, Нуустуур курдук биллэр, саха чулуу дьонун уобарастара бэркэ арыллыбыттар.

Аны Сеня Попов диэн оҕо тустуунан дьарыктана сылдьыбытын мин саҥа биллим. Бу уол оҕо эрдэҕиттэн чобуо эбит. Толлубакка Бөтүрүөбүскэ киирэн бэрт кэбэҕэстик кыһалҕатын быһаартаран таҕыстаҕа үһү. Бу лэҥкэйбит төбөлөөх уол билигин Сэмэн Тумат диэн аатынан киэҥник биллэр норуодунай суруйааччы.

Киинэҕэ Бөтүрүөбүскэ эрчиллэн саҥардыы улахан кыайыылары ситиһэн эрэр эдэркээн уолаттар эдэр саастарыгар суох буолбуттарын туһунан курустук этэн аһардылар. Онно Павел Васильев – Хабарда диэн Сойууска тиийэ биллэн эрэр Чурапчы ыччата, бадаҕа аармыйаттан төннөн иһэн, Чита үрдүнэн көтөн иһэр самолету террористар былдьаабыттарыгар (угон) суорума суолламмыта. Уол оҕото көрөн турбатах быһыылаах, бандьыыттары кытта хабыр хапсыһыыга былдьанаахтаабыта буолуохтаах.

Онон бу киинэни саха саҥалаах барыта көрүөн наада, ордук эдэр ыччат. Киһи үөрэнэрэ, үчүгэйгэ тардыһара элбэх. Киинэни көрө олорон мин саха буоларбынан киэн тутуннум уонна кырачаан кыыспынаан уһуннук таһына олордубут!

***

А.Охлопков-АЙЫМ


Источник: Аартык
Поделиться:
09:10
5
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.