Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

“ТРИУМФ” киинэ туһунан

“ТРИУМФ”  киинэ туһунан

Триумф – выдающийся, блестящий успех, торжество (в древнем риме – торжественная встреча полководца, возвращающегося с победой (Ожегов). Маны сахалыы тылдьыкка кылгастык, олус табыгастаахтык тылбаастаабыттар:  “Триумф – килбиэннээх ситиһии, үрдүк үөрүү, өрөгөйдөөһүн”.  

Дьэ кырдьык даҕаны өрөгөй күннэрэ этилэр!  Мин ол саҕана Өймөкөөн хайаларын быыстарыгар сылдьарым да, араадьыйабын түүннэри истэрим. Ити иннинэ саха уола, геолог анаан уоппуска ылан көҥүл тустууга ССРС чемпионатын көрөн кэлбитин сиһилии кэпсээбитэ. Уолаттар үһүөнхайдах Сойууска бастаабыттарын: Павел Пинигини судьуйалар да, ыалдьааччылар да олус ытыктыыллара, билиммиттэрэ көстөрүн, балыйа-хайыы сорумматтарын, Роман Дмитриев күрэхтэһиини уустуктук түмүктээбитин, кининиуоппута, мындыра быыһаабытын, оттон Александр Ивановы балыйа сатааһын баара илэ көстөрүн туһунан тус санаатын кэпсээбитэ. Сойууска бастаатылар да Олипиадаҕа путевка баар, үс уолбут Монреальга барар буоллулар диэн бигэ санаа биһиэхэ баара. Сборга эрчиллиигэ хамаанданы бүтэһиктээх бигэргэтиигэ хайдахтаах уустук түгэннэр үөскээбиттэрин оччоҕо биһиги билбэппит. Итини кэлин Е.Неймохов уонна да атыттар суруйууларыттан, кэлин тус бэйэлэрин кэпсээннэриттэн биллэхпит. Уонна дьиҥ иһин билэн баран, уолаттар үһүөн да кыһыл көмүс мэтээли иилинэн кэлэллэрэ хаалбытын, спорт историятыгар, аны хатыланара биллибэт, дьиҥнээх улуу өрөгөй тосхойбут түгэнэ кэлэн ааспытын илэ-чахчы итэҕэйэҕин.

Итини саҥа таҥыллан тахсыбыт “Триумф” киинэ өссө төгүл итэҕэттэ. Аныгы үйэ бастыҥ техникататуттуллан, сөпкө талыллыбыт артыыстар олус бэккэ оонньооннор ол кэм тыынынан тыынан кинотеатрга икки чаас кэриҥэ олорон таҕыстыбыт. Биһиги кырдьыбыт көлүөнэ, оччотооҕу кэм кэрэһиттэрэ, туох да кистэлэҥэ суох, тус бүччүм санаалаах буоллахпыт. Хас киһи санаата тус-туһунан. Бэйэм, Иван Морозов Николай Тарскай ыҥырыытынан кэлэн Бороҕоҥҥо оччотооҕу бастыҥ тустууктарбытын мунньан эрчийиитин уруоктан күрүү-күрүү кэлэн көрүөхпүттэн үгүс хаар ууллан аастаҕа. Тустуу ол кэмтэн сайдан, быраабылата хаста-хаста уларыйан кэллэҕэ. Ол ахсын саҥаттан саҥа суоллаах-иистээх көлүөнэ тустууктар солбуллан иһэллэрэ. Монреальга тустубут уолаттарбыт хастара хаһынан бэйэ-бэйэлэриттэн ураты, хатыламмат дьон буолаллар. Итини киинэҕэ киллэрэ сатаабыттара хайҕаллаах, ордук Александар Ивановка балачча миэстэ бэриллибитэ, олимпиада иннинээҕи интрига көрдөрүллүбүтэ сөптөөх. Тус бэйэм Сахаачча ууга түһэн өлүүтүн, дьиҥ трагедияны, ким сүбэтинэн эбитэ буолла, наһаа уһатан көрдөрө сатааһыны соччо сөбүлээбэтим. Уулуссаҕа тахсан дуолан охсуһууну тэрийии баара эрэ – суоҕа эрэ, итэҕэйбэппин, Бөтүрүөбүс итинниги таһаарыа суохтааҕа. Саҥа тиийбит уолу үтэн-анньан, боруобалаан көрүү баарын Афанасий Лугинов күлэ-оонньуу кэпсиирэ. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас муннугуттан мустубут араас хараактардаах, чэгиэн-чэбдик, оту-маһы тардан көрө сылдьар ыччаттарга оннук баара эбитэ буолуо. Бөтүрүөбүс уонна солбуйааччылара, учуутал дьахталлар, иитээччилэр ону оннун булларан, иитэн-үөрэтэн эрдэхтэрэ. Роман Дмитриев Эдьигээнтэн бэлэм, сиппит-хоппут уол кэлбитин, онно Дмитрий Коркин оруола кыратын туһунан санаа этиллибитэ эмиэ баар. Роман Эдьигээнтэн арахпакка онно сылдьыбыта буоллар ханна ыраатыай. Чурапчыга кэлэн эбии чочуллан, буһан-хатан, үгүс күрэхтэһиилэргэ ыытыллан, киэҥ эйгэҕэ таһаарыллан улуу тустуук буолбутугар Бөтүрүөбүс үтүөтүн умнар сыыһа буолуо. Атын уһук улуустарга төһөлөөх самородок, талаан бөҕөлөөх оҕо кини хараҕын далыгар киирбэккэ хаалан хаалбыттарын санаан көрүҥ.

Кэлэн ааспыт араас кэм көлүөнэ тустууктара бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаах буолалларын инники эппитим. Үс олимпиецпыт оннук этилэр, ол мөккүөрэ суох. “Мы, из Чурапчи” киинэҕэ Тбилиси турнирыгар Роман Дмитриев Иран ааттааҕын Джавадины “урусхаллааһына” көстөр. Бөтүрүөбүһэ секунданныыр, тугу да ыйара-кэрдэрэ көстүбэт. Итини кини “тустуукка көҥүл биэрэр идэтэ”дииллэрэ. Романа хайдах курдук туһунна, биир да сыыһа хамсаныы суох, барыта өй толкуйа уонна дьулуур!  Роман ити түгэниттэн киинэҕэ киирбитэ буоллар;  Павел Пинигин Киевкэ үһүс разрядтаах тиийбитэ биллэр. Бураков уонна тустууктар иннилэригэр саҥа тиийбит уол “хайаан да чемпион буолуом” диэн эппитигэр күлсүбүттэрин туһунан номох баар. Киинэҕэ ити да киирбитэ буолларнаадалааҕа хаалла. Украинаҕа хайдах курдук дьоллоохтук сылдьыбытын, онно кэргэннэммитин эбэтэр Олимпиадаҕа чемпионнаабытын аан бастаан истибит доҕоро Николай Петренко сарсыарда 6 чааска көтөх муҥунан букет туппутунан тренеригэр Бураковка тиийэн “Пашка страл чемпионом” диэн ордоотоон чугас эргини уһугуннарбытын, аймаабытын киинэҕэ киллэрбит буоллар доҕордоһуу хайдаҕа арыллара хааллаҕа. Павел Пинигин киниттэн ураты ким да сатаан оҥорбот ньымалардааҕын суруйааччылар. Холобур, Америка ханна да, кими да тулуппатах улуу тустуугун киирээт да “зашагивание” диэнинэн лаппаакытыгар түһэрэн соһуппута. Ол улуу тустуук омук бөҕө баарыттан ала-чуо Павел Пинигиҥҥэ бэйэтин трикотын бэлэхтээбитэ. Ити түгэннэртэн киинэҕэ киирбитэ буоллар;  Александр Ивановы дэлэҕэ тустуук “эталона” диэхтэрэ дуо?!  Кавказ, Иран, аан дойду ааттаахтарын бэйэтэ эрэ сатыыр тэбиилэринэн сууһарталыыра. Тбилиси турнирыгар Грузия ааттааҕа  Шекриладзе куота сатыырын соһон киллэрэ-киллэрэ тиэрэ баттыырын тохтотоллоро киинэҕэ уһуллубута баар.Олимпиадаҕа барыахтааҕын анаан мэһэйдэһэ сатаабыттарын (ким да буоллар көнөтүнэн, баарынан этэн иһэр көнө майгыта төрүөт буолта буолуо дуо?), онтон элбэх охсууну ылан, сылбата барана сылдьан кыттыбытын билэбит. Ону даҕаны Олимпиадаҕа барарын оччотооҕу Саха сирин постпредствотын салайааччы Иннокентий Гаврильевич Игнатьев туруорсубута биллэр. Итилэртэн бу киинэҕэ  киирбитэ буоллар биир ураты көстүө этэ.    

Үөһээ ахтыбытым курдук, уолаттар оччотооҕу уратылара, барыта да буолбатар, сороҕо киирбитэ буоллар киинэ өссө тупсуо хаалла. Киинэни төһө да табыллыбыт диэтэрбит (кырдьык үчүгэй!) үс олимпиец тустууга уратылара ситэ арыллыбата, аныгы быраабыланан ыытыллар билиҥҥи тустуу көрдөрүлүннэ. Оччолорго кинилэр кэннинэн кэхтибэт, кимиилээх, ууга-уокка түһэртииртустууларын көрбөтүбүт, киинэ оҥорооччулар төһө да кыһалла сатаабыттарын, дууһаларын уурбуттарын иһин. Киинэ уһуллан көрдөрүүгэ таһаарыллыбытын кэннэ дьүүллэһии барар. Ол сөп гынан баран, таҥыллан истэҕинэ спортивнай суруналыыстары уонна өр сыллаах ыалдьааччылары кытта сүбэлэһэ сатаабыт мэһэйдиэ суоҕа эбитэ буолуо. Тустууктары бэйэлэрин ыҥыран санааларын истибит буолуохтаахтар да, олоруҥ сэмэйдэрэ сыттаҕа. Оттон суруналыыс кыраҕы хараҕа эбэтэр ыалдьааччы көрүүтэ элбэҕи арыйан биэриэн сөбө.


***
Иван БУРЦЕВ,  1956 сылтан тустуу ыалдьааччыта                                                              


Источник: Аартык
Поделиться:
12:30
5
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.