Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Иван Томскай олоҕун, айар үлэтин сэһэргиир ахтыы-киэһэҕэ ыҥырабыт

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын “Ылбаҕай ырыа аргыстаах олох” диэн айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт, күүстээх санаалаах хоту дойду хоһуун уола Иван Томскай олоҕун, айар үлэтин сэһэргиир ахтыы-киэһэҕэ ыҥырар.

Иван Иванович Уһук Хоту Усуйаана туунадаратыттан төрүттээх, айар куттаах ырыаһыт, мелодист, идэтийбит үрдүк үөрэхтээх режиссер, “Өбүгэбит суолларынан” документальнай киинэ ааптара, дьүкээгир омук аҕа ууһун “Йанугайл” общинатын төрүттээччи чаҕылхай олоҕун дьоно-сэргэтэ, доготторо, биир дойдулаахтара ахтан-санаан кэрэхсэнэр кэрэ кэпсээннэрин сэһэргиэхтэрэ, уостан түспэт ылбаҕай ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ.

Буолар күнэ: алтынньый ый 30 күнэ, 15:00 ч.Буолар сирэ: Киров уул. 31 №-дээх дьиэтэ

Источник: ГБУ РС (Я) Музей музыки и фольклора народов Якутии
Источник: SakhaLife
Поделиться:
16:20
10
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.