Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Күүстээх-уохтаах Бүөтүр Баттаахап

Күүстээх-уохтаах Бүөтүр Баттаахап

Алтынньы 18-20 күннэригэр Москваҕа буолан ааспыт аан дойду пауэрлифтиҥҥэ чемпионатыгар.

Сахабыт сирин мас тардыһыытынан уонна тимиринэн дьарыктанар маастардара чаҕылхайдык кытыннылар. Үһүө буолан күрэхтэһэннэр үһүөн кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаатылар.

batt 3 3

Аан дойду чөмпүйүөнэ, рекордсмена, нуучча бухатыыра Михаил Кокляев бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сырытта, эҕэрдэлээтэ. Күүстээх пауэрлифтердар туруоруммут сыалларын-соруктарын толордулар. Санааларын ситэн кэллилэр. Үөлээннээхпин Петр Петрович Баттаховы кытта көрсөн кэпсэттибит.

 batt 17 17

Дьокуускайдааҕы 1 № оҕо спортоскуолатын тренерэ, ДЮСШ-1 мас тардыһыытыгар тренердиир, мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара, пауэрлифтиҥҥэ норуоттар икки   ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Иван Иванович Копырин 75 кг 55-59 саастаахтарга  “Аполлон-аксельга” бастаталаата уонна армлифтиҥҥэ спорт маастарын нуорматын толордо, итиэннэ, кини иитиллээччитэ  Шамаев И.И. дириэктэрдээх Республиканскай физмат лицейигэр үөрэнэр, тутум эргииргэ өрөспүүбүлүкэ уолаттарын рекордсмена, Бүлүү ыччата  Саян Макаров 56 кг становой тягаҕа уонна “Аполлон-аксель” упражнениеҕа,  становой тягаҕа 142,5 кг тобугар диэри тардан бастаталаата, маастарга кандидат нуорматын толордо.

batt 15 15

Ньурба Чаппандатыттан төрүттээх-уустаах Петр Петрович Баттахов мас тардыһыы уонна хапсаҕай маастара, пауэрлифтиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, пауэрлифтинг араас көрүҥнэригэр аан дойду, Европа, СНГ дойдуларын, Россия элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ.  Учуутал идэлээх. Орто оскуолаҕа физиканы үөрэтэн пенсияҕа тахсан баран, Дьокуускайга 20 № автобус маршрутун салайбыта. Билигин Дьокуускайга охранаҕа үлэлиир Петр Петрович Баттахов 70-74 саастаах ветераннар бөлөхтөрүгэр пауэрлифтинг түөрт көрүҥэр бастаталаата уонна бэһис төгүлүн абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылары ситистэ!

Мас тардыһыы маастара, хапсаҕайдьыт Петр Петрович пауэрлифтининэн 2016 сылтан дьарыктанар. Аан бастаан, 64 саастааҕар Курскайга пауэрлифтиҥҥэ аан дойду чемпионатыгар становой тягаҕа 200 кг тобугар диэри таһааран кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ол ситиһиититтэн кынаттанан күн бүгүнүгэр диэри утумнаахтык эрчиллэр. Пауэрлифтиҥҥэ аан дойдуга уонтан тахсата бастаталаата. Бу сырыыга, “силовой двоеборьеҕа” уонна “бицепска” маастар нуорматын толородо.

40-тан 80-рын ааспыт ветераннар биэстии сылынан араарыллан күрэхтэстилэр. Түмүк коэффициенинэн, формуланан таһаараллар. Штанганы сүкпүтүн, анньыбытын, ыйааһынын, сааһын учуоттананнар, кыайыылаах коэффициенинэн, формуланан таһаарыллар. Петр Петрович кэпсииринэн, күрэхтэһии олус судургута суох, уустуктардаах.  Тактическай киирсиилэрдээх. Сөбүлүүр көрүҥэр “становой тягаҕа” – өрө тардыыга санаалааҕа, табыллан, улахан төһүүнэн буолбут. Норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастарын нуорматын толорбут. Инньэ гынан, “становой тягаҕа” Саха сиригэр түөрт “мсмк” баар буолла – Александр Скрыбыкин, Иван Копырин, Николай Константинов уонна Петр Баттахов.

“Бицепскэ” маҥнайгы холонуутугар улахан ыйааһыны сакаастаан, икки күүстээх утарсааччыларын салыннартаан, күрэхтэһии саҕаланыытыгар “уматалаабыт”. “Бицепскэ” олорор сиргин, көхсүгүн истиэнэҕэ сыһыаран бараҥҥын штанганы көтөҕүүгэ 52,5 кг көтөхпүт. Онтон 60 кг сакаастаабыт. Дьоно оннооҕо элбэҕи сакаастаан баран кыайбатахтар. Урут 55 кг көтөҕөр эбит. Ыарахан көрүҥ диэн ааттыыр.  Троеборьетыгар ыйааһынын түһэринэн 100 кг ыйааһыннаахтарга киирсибит. “Ыйааһын түһэрбитим оҕуста”,- диир. “Жимҥэ” – сытан эрэ сыыйа өрө анньыыга 90 кг ылбыт, урут 100 кг анньара эбитэ үһү. Тобугар диэри 197,5 кг тарпыт. Тэҥ саастыылаахтарын кыайталаабыт.

batt 5 5

Петр Петрович пауэрлифтининэн дьарыктаныыҥ эйэиэхэ тугу биэрэрий?

Дьарыктанаммын формабын тутабын. Дьиэм таһыгар, иһигэр самодельнай, заводской снарядтар бааллар. Уонна күрэхтэһиигэ барыам иннинэ Дзержинскэй уулуссаҕа баар “Статика” уонна Залогка баар “Эрэл” фитнес кулууптарга дьарыктанабыт. Онно саастаах, ситиһиилээх диэннэр 50 бырыһыан скидкалаахатар, сауналаах, үчүгэй. Үчүгэй көрүҥ. Бэйэ бодотун тардына сылдьарга, эккин-сииҥҥин, олоххун-дьаһаххын көрүнэҕин. Быраас хонтуруолугар турабын. Давлением тахсааччы. Дьарыктаннахпына түһэр. Сарсыарда үрдүк буолар, дьарыктанным даҕаны “космонавт давлениета” буолар. Таах сытарым буоллар, бу дойдуга баар да буоларым биллибэт этэ, дьиҥинэн. Куһаҕан дьаллыктан аккаастанаҕыг. Бэйэҕин көрүнэҕин. Сыаллаах-соруктаах сылдьаҕын. Аһылыкпар хаарчахтааһын оҥостубаппын. Натуральнай бэйэбит эппитин, балыгы, үүт аһылыгы сиибин. Кэлиини сиэбэппин. Арыылааҕы-сыалааҕы туттуна сатыыбын эрээри, сыалааҕы сөбүлүүбүн, сыа сэниэ, эрчим биэрэр. Кофены испэппин, үүттээх хара чэйи иһэбин. Ууну ис дииллэр да элбэҕи испэппин. Оҕо эрдэхпинэ, алтыс кылаастан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри көлө-илии звенотугар илиинэн охсууга сылдьыбытым. Аҕам үчүгэй охсооччу этэ, 2 га охсоро. Оҕонньоттор ууну иһэрдибэттэр этэ. Күн оройугар, сыралҕан куйааска олордон аһаталлара. Бөтүрүөп, Ыспааһаптар эҥин таҥараларын күннэрэ кэлэллэр, ол аайы чугууҥҥа ынах арыытын уулларан, алаадьы бордурҕаччы сиэтэллэрэ. 75 саастаах оҕонньоттор от охсоллоро, кыдамалыыллара, түстүүллэрэ. Атырдьаҕынан хабан ылаллар, чэпчэки да оту ыарыарҕатаҕын дииллэрэ”.

Дьэ, итинник, оҕо эрдэҕиттэн илии үлэтигэр эриллибит-мускуллубут Петр Петрович Баттахов күн-бүгүнүгэр диэри тэтиэнэх, күүстээх-уохтаах, тапталлаах Сахатын сирин аан дойдуга аатырдар-сураҕырдар! Эҕэрдэлиибит”

***

Баһылай Посельскай


Источник: Аартык
Поделиться:
10:17
7
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.