«Майам, эмиэ эргиллэн кэллим…» Биир ырыаттан саҕыллыбыт санаа
1980-с сыллар. Устудьоннуу сылдьан Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар дьолун булан олохсуйбут эдьиийбэр сайын аайы күүлэйдии барабын. Илин эҥэрдэр Дьокуускайтан эбэни «Рукавишников» устар аалынан туоруубут. Бэстээххэ тиийэн автовокзалтан Хаптаҕайдыыр оптуобуска билиэт ылыахтаахпын. Устан иһэбит, суолбут саҥа ортолоото. Арай дьон биир-биир туран, тахсар аан диэки дьулуһан бардылар. Мин өйдөөбөтүм, тиийиэхпит эмиэ да ыраах курдук, ол эрэн тырамбаай иһигэр биллэ-биллибэт тыҥааһын үөскээтэ. Үөмэхтэһии буолла. Элбэхтэ «Майа, Майа!» диэн тылы иһиттим. Биэрэккэ тиксиибитигэр букатын да туттуу-хаптыы сытыырхайда, устар аалбыт аана аһыллаатын, халҕаһа дьон ыраах турар оптуобуска ыстаннылар. Мин кэннилэриттэн, били «ат сүүрдэҕинэ» диэбиккэ дылы саппай уопсан, син киирдим. Толору дьонноох оптуобуспут иҥнэҥнээн автовокзалга тохтоото. Хойут киирбит буоламмын, каассаҕа арыый инники буоллум. Ол тухары тэбис-тэҥҥэ сүүрэн иһэбин дьону кытта сэргэ.
Автовокзал иһэ эмискэ күйгүөрүнэн, ыксаабыт саҥанан туола түстэ. Мин иһиттэхпинэ киһи барыта «Майаҕа диэри билиэт баар дуо?» диэн ыйытар. Атын сиргэ барар буолан мин соччо ороһуйбаппын, хам-бааччы турабын. Онтон кус оһоҕоһунуу субуллубут уочарат быыһыттан биир киһи кэлэн «Эн Майаҕа бараҕын дуо?» диэн ыйытта. Суох диирбин кытта «оччоҕо баһаалыста икки билиэттэ ыл» диэт, харчытын уунна. Ити кэмҥэ уочарат биир кэм үллэҥнээн олордо, онтон «Билиэт бүттэ!» диэн хаһыыны кытта салгыҥҥа кытта биллибит ыгыллыы эмискэ суох буолла, баар дьон налыйан хааллылар.
Мин киэһэ айанныыр эбиппин, онон оптуобуспун кэтэһэн олордум. Бэстээҕи көрө түһүөхпүн туох ханна баарын билбэппин, онон таах олордум. Чуумпу. Сотору буолан баран биэрэктэн оптуобус кэллэ. Арай доҕоор, эмиэ ыксал, эмиэ айдаан, араллаан автовокзал иһин ылан кэбистэ. Мин хайы-сах билэрдии «Майалар быһыылаах» диэн санаан кэбистим. Бу элбэхтэрин, бу сытыыларын. Бачча сааспар диэри биир да Майаттан сылдьар киһини билбэппин, Майа ханна баарын да билбэппин. Уонна маннык сырыы аайы олохторугар бүтэһик оптуобус курдук анньыһар дьону саҥа көрөн сөхтүм. «Майа диэн туох ааттаах элбэх, сытыы киһитэ олорор сирэ буоллаҕай» диэн тахсан Майалыыр оптуобус хайа диэки барарын көрдүм. Сыллар-хонуктар ааспыттар, ол кэмнэри, тобус-толору дьонноох иҥнэйбит оптуобус кэннин түннүгүн быылыныы, быыллар саппыттар…
Ол сөхпүт Майабар кийиит буолан олохсуйбутум отучча сыл буолла, билигин Майабын туохха да биэрбэппин. Дьиктитэ баар, уолбут Антон үс саастааҕар, Чурапчы Хадаарыгар олордохпутуна, түүл түһээбитин кэпсиир. Ол түүлүгэр Бэстээхтэн куораттыыр суолу (оччолорго кини Бэстээҕи да, куораты да көрө илигэ), күөх бэстэри көрбүт, уонна маҥан таҥастаах ансаамбыл дуу, хор дуу дьоно «Майа сайынын» ыллыы туралларын истибит. Дьикти буолбатах дуо, аҕыйах сылынан Майа диэн үтүөкэн сиргэ олохсуйарбытын биттэммит эбээт!
Ханна да тиийдэрбит, дойдубутугар Майаҕа төннөрбүтүгэр наһаа үөрэбит, сүрэхпит тэбэн, айаммыт сыыдамсыйар. Оттон «Майа – дойдум барахсан» диэн бэлиэҕэ кэллэрбит эрэ биир ырыа тыллара бэйэбититтэн тутулуга суох төлө көтөн тахсаллар: «Майам! Эмиэ эргиллэн кэллим!..»
Дмитрий Санников. «Майам».
Олус судургу тылларынан суруллубут, уйаҕас да уйаҕас, итии тапталынан туолбут ырыа. Иһиллэр хас тылыгар – куту-сүрү эймэнитэр күүстээх ахтылҕан, биллэр төрөөбүт дойдуга таптал суоһа.
… Хайдах-туох сылдьан кэллиҥ, дойдум уолчаана?.. Төһөлөөх ахтан, суохтаан төннүбүтүҥ буолуой, өрүү үөрэ көрсөр Майаҕар?..
Эргиллэн кэлэ тураар дойдугар, Майам оҕото! Ханнык да сир, хайа да дойду халлаанын анныгар сырыттаргын, умнумаар түөрэҕиҥ түспүт төрөөбүт түөлбэҕин. Төннөөр, эдэргэр түһээр, хаамаар аныгы таас суоллаах уулуссаларынан. Сыллар, быыллар саппатыннар эн дууһаҕын. Эрэн эн – күнүҥ дьэҥкэриэ, халлааныҥ халлыа. Мэҥэ халлааныҥ. Ииппит Майаҥ эйиэхэ эрэнэр, эйигин таптыыр, кэтэһэр…
***
Мария Габышева, Майа. 09.11.2024
Источник: Аартык