Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

РОСКОСМОС ЭРЭ АЛБЫННААБАТ

РОСКОСМОС  ЭРЭ  АЛБЫННААБАТ

Сэтинньи 11 күнүнээҕи “Талбаҥҥа” ракета тобоҕун туһунан кэпсэтии ыыттылар. Ыытааччы Олег Колесов “нэһилиэнньэ билигин да ситэ итэҕэйбэт, куттанар эбит, итиннэ үлэ ыытыахха наада” диэн түмүктээтэ.

​Нэһилиэнньэни кытта үлэ Ньурбаттан Афанасий Тобонов, Космофизика институтун учуонайа Торий Егоров Байконуртан уонна Плесецкэйтэн ракеталар көтөллөрүн, гептиллээх сүһүөхтэрин Саха сиригэр (Ньурба, Муома) быраҕалларын дакаастыахтарыттан ыла ыытыллыбыта отуттан тахса сыл буолла. Нэһилиэнньэни үөрэтэр, “үлэ ыытар” наадата суох. Ити проблемаҕа сыалай кинигэлэр сурулуннулар, сүүһүнэн ыстатыйалар таҕыстылар. Нэһилиэнньэ, ордук Ньурба уонна Бүлүү улуустарын дьоно, ити тиэмэни сурах хоту буолбакка, эттэринэн-хааннарынан билэн кэллилэр. Билигин бүлүүлэр  бырааптара быһыллан, болҕомтоҕо ылыллыбакка, кэлэйэн чуурдарын биэрэн олороллор. Итини бүгүҥҥү биэрии “тууһаан” биэрдэ быһыылаах. “Өйдөтөр үлэни ыытыы” бу биэриигэ кыттыбыт ити үс киһиэхэ наада. Дьону наһаа сэнииллэрэ, улахаҥҥа уурбаттара көһүннэ. Эбэтэр суруйуулары аахпат, анаарбат, анаалыстаабат муҥнара дуу?

​Суруллубут элбэҕэ бэрт, ону барытын эридьиэстиир кыаллыбат, арай бу биэриигэ сыһыаннаахха тохтуохха сөбө буолуо.

​Радиацияны кэмниибит да, ол суох диэтилэр. Радиация суоҕун туһунан биһиги элбэхтик суруйбуппут. Ядернай энергетическай установка (ЯЭУ) диэни урут тутта сылдьан баран тохтообуттара. Саахаллаабыт спутникпыт Канадаҕа түһэн, ыстарааптанан, элбэх харчыны төлөөн уонна ону ыраастаан кэһэйэн. Канада хоту өттүгэр 100 000 кв.км. (Бүлүү улууһун территорията – 50 000 кв. км.) сирдэрин радиациянан сүһүрдүбүппүт. 1997 с. РФ правительствота (В.Черномырдин) атырдьах ыйын 15 к. таһаарбыт 1039-с нүөмэрдээх “О правилах оповещения органов исполнительной власти при запуске КА с ЯЭУ, а также оповещение органов местного самоуправления и оказания при необходимости помощи населению при случае аварийного возвращения  такого аппарата на Землю” диэн дьаһала баар. Ити дьаһал тохтотулла илик, онон ЯЭУ диэннэрэ туттуллар кэмэ кэлиэн сөп, оччотугар фону мээрэйдиир хайаан да наада буолуо.

​Гептил ракетаҕа туттуллубат, суох диэн буолла.“Фрегат” разгоннай блок диэннэрин 3 тонна гептилинэн заправкалыылларын Роскосмос бэйэтэ кэпсиир, кистээбэт. Биэриигэ итини эппитим да, О.Колесов көрөөччүлэргэ төттөрү быһаарда,  гептил ракетаҕа суох диэбитим курдук дьоҥҥо өйдөттө, уган биэрдэ.

​Онон, сүһүөхтэргэ гептил туттуллубат, кинини разгоннай блок диэннэригэр (“Фрегат”) тутталлар. Ол оннугар сүһүөхтэргэ “Т-1” диэн оттук туттуллар, ол туох да куттала суох диэн өйдөбүлү соҥноотулар. “Оценка воздействия  КРК “Союз-2” с Рб “Фрегат” и “Волга” на окружающую среду при его эксплуатацию на космодроме “Восточный” диэн докумуон баар. Докумуону “Ракетно-космический центр “Прогресс” (ОАО “Прогресс”) диэн ааттаах-суоллаах тэрилтэ оҥорбут. Манна “Т-1” кытаанах оттук туһунан суруллар, ону итэҕэтиилээх буоларын туһугар тылбаастаабакка биэрэбин:

​–  горючее Т-1 очень устойчив в воде и в почве, биохимическим путем практически не разрушается;  при однократных больших проливах и длительных многолетних повторных проливах значительных количеств топлива на почву возможно загрязнение не только поверхности, но и глубоких слоев почвы, а при смыве с нее – воды водоемов; миграция его по профилю почвы создает опасность загрянения грунтовых вод; загрязнение рек и озер топливом крайне пагубно отражаются на рыбном хозяйстве, кроме прямого токсического действия на рыб, уничтожает нерестилища и нагульные угодья, препятствует естественной аэрации и нарушает нормальные биологические процессы водоема;  при концентрации в воде водоемов более 0,1 мг/л погибает планктон, более 50 мг/л вызывает гибель рыбы. Сүһүөхтэр “куттала суох” оттуктарын туһунан суруйбуттара итинник.

​Үөһээ аҕалыллыбыт докумуоҥҥа “Трассаҕа саахал тахсыан сөп зоната” (Аварийная зона трассы-АЗТ) диэн баар. Зона кэтитэ 50 км, Алдан сириттэн Өлөөн улууһун Эбэлээҕин диэки салҕанар. Зонаҕа 31 нэһилиэнньэлээх пууннархабыллаллар. Бүлүү улууһугар 27 166 кв.км. сири хабар, улуус территориятын аҥаарын кэриҥэ (55 000 кв.км.) түбэһэр. Зонаҕа хаһан баҕарар саахал тахсыан сөп, Роскосмос тугу да мэктиэлээбэт, техника буоллаҕа. Бүлүү улууһун Чинэкэ, Күндэ, Сыдыбыл, Бүлүү куорат, Тоһуу, Уһун, Күбэйиҥдэ, Күүлэкээн курдук нэһилиэнньэлээх пууннара түбэһэллэр. Итиннэ төһө сайыҥҥы ферма, сылгыһыт базата, оттонор сир, булчут үүтээнэ баара аахсыллыбат. Зонаҕа Тимирдикээн, Солокуут уонна Лииндэ курдук ураты харыстанар сирдэр, РФ, Сө Кыһыл кинигэҕэ киирэр үүнээйилэрин уонна харамайдарын кытта, киирэллэр.

​Бу барыта, биэриигэ Андросов “быһаарбытын” курдук,  мин тус санаам буолбатах, докумуоннарга олоҕурабыт. Ракета боппуруоһа биһиэхэ саҕа ханна да дьүүллэһиллибэтэҕэ буолуо дии саныыбын. Ити барыта наһаа элбэхтик ырытыллыбыта, сырдатыллыбыта, онно мин эрэ кыттыгастаах буолбатахпын, улахан учуонайдарбыт куруутун бааллара.

​Манна даҕатан Байконуртан көтөр ракета траекторията Ньурба сиринэн ааһарын алмаастаах трубкалар көстөннөр, итинэн ыытартан аккаастаммыттара, алмааһы хостоору. Ол официальнай докумуона баар. Өссө биири санатабын. Байконуртан көтөр ракета саахаллаан, казахтар 20011 киһини, уонунан тыһыынча сүөһүлэрин, сылгыларын, сибиинньэлэрин, ыттарын кытта Арассыыйа үбүгэр чинчиттэрбиттэрэ. Онон, Бүлүүлэр дьон доруобуйатын чинчийиини туруорсаллара сөптөөх. Ити Роскосмос үбүгэр эбэтэр Бүлүү бэйэтин бюджетын суотугар оҥоһуллуохтаах (АЛРОСА биэрэр дивиденин суотугар).    

Миниистир С.М.Афанасьев 2021 сыллаахха суруналыыс Нина Герасимоваҕа биэрбит интервьютынан түмүктүүбүн. Сахамин Миланович: “Роскосмос дьыалатын туһунан ахтар буоллахха, биһиги түһэрбит сайабылыанньабыт Арбитраж суутугар көрүллэ сылдьар.  Сэбээн Күөлгэ аракыата иккис кэрдииһэ түспүтүн билиҥҥэ диэри хомуйбакка сылдьаллар. Оттон ирдэбил быһыытынан, аракыата тобоҕо түһээтин кытта хомуллуохтаах диэн. Билигин халаан уута кэллэҕинэ, ол тобоҕо суураллан, ууну кытта өрүскэ киириэ – ол содулун тугунан кэмниэххэ сөбө буолуой?!  Билигин эмиэ аракыатаны ыытаары тураллар. Биһиги онуоха аракыата тобохторо түһээттэрин кытта хомуйары ирдиибит”. Урукку миниистир, билиҥҥи сенатор ракета тобоҕо кутталлааҕын туһунан итинник этэр.

***
Иван  БУРЦЕВ


Источник: Аартык
Поделиться:
11:30
4
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.