Алампа аатынан норуот бириэмийэтин ким ылла?
Үрүҥ туллук уобараһынан саха поэзиятыгар эр киһи дьахтарга тапталын хоһуйан үйэтиппит, уйаҕас куттаах улуу лирик Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүт күнүгэр, кини аатынан бириэмийэ туттарыллыбыта алтыс сылыгар барда.
Бириэмийэ лауреаттарын Саха сирин искусствоҕа, култуураҕа уонна литератураҕа сыһыаннаах айар холбоһуктара бары кыттыһан, сүүмэрдээн, куоластаан талаллар. Ол иһин норуот бириэмийэтэ диэн ааттыыллар.
Быйыл Алампа аатынан бириэмийэни кимнээх ыллылар?
“Уран тыл” номинацияны Ангелина Шадринова-Суоһааны ылла.
“Дэгиттэр режиссер” аатын Александр Титигиров, Үүнэр көлүөнэ театрын режиссера ылла.
“Дархан ойууһут” буолла скульптор Николай Чоччасов. “Бэйэм оҥорбут статуэткабын бэйэм ыллым”, – диэн Николай күллэ. Кырдьык да, Чоччасов дьүһүнэ-бодото уус буоларын кэрэһэлии сылдьар эбит. Бөдөҥ-садаҥ, аһа уһун, таҥаһа-саба сахалыы киэргэтиилээх.
Сахалартан бастакы анал кинорежиссер үөрэхтээх Алексей Романов киинэ эйгэтигэр “Мааппа” диэн дипломнай үлэтинэн киирбитэ. Онтон бэттэх хас эмэ уонунан сыл аастаҕа. Бүгүн кини “Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ” диэн номинацияны ылла.
“Чаҕылхай артыыска” аатын Саха театрын артыыскатаИрина Никифорова ылла. Үөрүүтүттэн уйадыйда, долгутуулаах буолла. Ирина театрга оонньуурун таһынан элбэхтик киинэҕэ, сериалларга уһуллар. Бары көрөн билэр артыыскабыт.
Гаврил Менкяров соторутааҕыта “Өрөгөй” киинэҕэ Павел Пинигины оонньообута. Олус талааннаах, элэккэй, көрдөөх уол. Көрөөччү сөбүлүүр артыыһа. Кини “Чаҕылхай артыыс” ааты ылла.
-Дьиҥинэн, Алампа аатынан бириэмийэни ыллыҥ диэн эппиттэрэ ыраатта. Олох билбэтэх курдук туттаар, артыыскын буолбат дуо, оонньоо ээ, диэбиттэрэ. Ол иһин билбэтэх киһи курдук туттан хомуһуола суох кэлбитим, – диэн күллэрдэ.
Гаврил бириэмийэ ыларыгар кэргэнин, икки быыкаай кыргыттарын илдьэ кэлбит. Үрүҥ туллугу биир идэлээҕэ Иннокентий Луковцев туттарда.
“Идэтигэр сүдү бэриниилээх” киһинэн Ефросинья Ноговицына ааттанна. Ефросинья Семеновна П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музей научнай үлэһитэ. Элбэх үлэ ааптара, саха литературатыгар эрэ буолбакка, Сэбиэскэй литература сайдыытыгар улахан суолу-ииһи хаалларбыт айар дьону үйэтиппит киһи. Кини эмиэ долгуйан хараҕыттан уу-хаар баста. Айар киһиэхэ коллегаларын билиниитэ наадалаах бөҕө буоллаҕа.
Суруйааччылар ортолоругар билиниини ылла Данил Матвеев, “Өрөгөйдөөх өйөөччү” бириэмийэни “Якутцемент” дириэктэрэ, депутат Алиш Мамедов. Мамедов хаһан эрэ поэтесса Наталья Харлампьева хоһооннорун уонна П.А.Ойуунускай “Кыһыл Ойууна” азербайджанныы тылбааһынан тахсарыгар көмөлөспүтүн аҕынна. Элбэх оскуоланы туппутун кэпсээтэ. Уопсайынан, Саха сиригэр махтанарын эттэ.
Ырыа айааччылар ортолоругар Алампа бириэмийэтин тутта – Степан Васмсильев. Кини өссө да бар дьоммор ырыа бэлэхтии туруом диэн эттэ.
Бириэмийэ туттарыллар сиэрин-туомун Саха театрын артыыстара киэргэттилэр: ыллаатылар, Алампа айымньыларынан дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. Ырыа Саарын Алампа Дуунньатыгар анаабыт “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” ырыатын кыл кырыымпанан доҕуһуоллатан ыллаата. Ол онто киэһэни ураты истиҥ тыыннаата.
***
Aartyk.Ru
Источник: Аартык