Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Кэҥкэмэ (Горнай улууһун үрэхтэрэ)

Биһиги улууспут сирэ-уота Приленскэй платонан тайаан сытар буолан хайалаах улуус диэн ааттаммыта түбэһиэхчэ буолбатах. Оруннаах диэххэ сөп. Плато (франц.) диэн хаптаҕай эбэтэр долгуннуран көстөр мөлтөхтүк быһыттаналаммыт муора таһымыттан улаханнык үрдээн көстөр дэхси сир (хаттык хайа). Бэрдьигэстээх килбэйэр киинигэр чөҥөрө уола сытар Таралҕан күөлүн муҥутуур үрдүгэ 212.8 м (абс үрдүк) тэҥнэһэр. Таралҕан күөлэ – Бэрдьигэстээх өлүктүйбүт сүрэҕэ. Онтон Бэрдьигэстээх саамай үрдүк миэстэтэ, урукку ГАИ турбут миэстэтэ, 238.7 м. Ону сорох ааптардар Бэрдьигэстээх турар сирин муора таһымыттан муҥутуур үрдүгүн 315 м наһаа үрдэтэн суруйаллар. Бу сыыһа, олоҕо суох информация мантан иннэ, көннөҕүнэ сатаныа этэ. Суруналыыстар үлэлиир эйгэбит кырдьыктаах информация. Горнай улууһа, өрүстэр кирбиилэригэр тайаан сытар буолан, Луҥха, Түгэнэ, Сииттэ, Ханчылы уонна Кэҥкэмэ диэн Өлүөнэ өрүс хаҥас салаалара ууларын ылаллар, саҕаланаллар. Манна өссө Сиинэ хаҥас салааларын Мэкэлэ, Нуоралдьыма, Чыра, Маатта үрэхтэри эбэн кэбистэххэ баһаамныыр (водораздел). Улуус ууну араарар кирбиитин бата, уһуннук Бүлүү трассата ытыллыбыт ох курдук, тус хоту сыыйыллар. Итини этэн туран сүрүн тиэмэбитигэр киириэххэйиҥ.

Мин кэпсиэм, эһиги сэргэҕэлээн истиҥ эрэ. Горнай улууһун саамай уһун үрэҕэ Кэҥкэмэ буолар. Уһуна 627 км, Сиинэтээҕэр үс көһүнэн уһун. Ол иһин эбитэ дуу, Кэҥкэмэ Бүлүү Федеральнай суолун иккитэ быһа охсон ааһар. Бастаан илин хайысханан устан иһэн эмискэ тус хоту туһаайыллан, Өлүөнэни кытта кэккэлэһэ, Нам сиринэн наҕыллык аа-дьуо талбаарыйа устар уонна Батамай алын өттүнэн Өлүөнэҕэ түһэр. Кэҥкэмэ биир көс уһуннаах 25 салаалаах, онтон Сиинэ 48 салаалаах.

Адьас түҥ былыргы буоланнар гидронимнары быһаарыы олус уустук. Топонимикаҕа биллэринэн, саамай былыргы ааттарынан гидронимнар буолаллар. Дьэ Кэҥкэмэ диэн туох ис хоһоонноох тылый? «Кэҥкэмэ» на эвенкийском языке кээҥк, кээҥкэ – впадина, яма, углубленное выбоина, рытвина; омут (глубокое место в реке). Кэҥкэмэ диэн ааттаах сирдэр Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыттар. Ол курдук Кэбээйигэ, Намҥа, Сунтаарга уонна Хаҥаласка. Онон Кэҥкэмэ Горнай улууһугар устан ааһар Өлүөнэ хаҥас салааларыттан саамай уһуннара уонна улуулара. Тоҕо улуулар буолар диэн сиэрдээх боппуруоһу биэрээри оҥостон олордоҕуҥ. Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук.

Улуу буолара оруннаах курдук, ол манныктан. Бастатан туран, Сиинэ курдук өрүскэ тэҥнээх үрэҕи үс көһүнэн (30 км) уһуна элбэҕи кэпсиир. Сиинэҕэ холоотоххо Кэҥкэмэ көҥкүс үрэх, кус очоҕоһун курдук эрийэ-буруйа устан ааһар көннөрү үрэх буоллаҕа. Кэҥкэмэ аатын сүрүн улуутуйар кистэлэҥэ кини кистэнэ сытар сирин баайыгар сыһыаннаах. Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ СӨ үтүөлээх геолога, биллиилээх эколог, кыраайы чинчийээччи, 15 кинигэ ааптара К.Н. Гурьев өрдөөҕүтэ Кэҥкэмэ үрэҕин орто сүүрүгүн эргин, дьөлө үүттэммит Уордаахтааҕы параметрическэй скважинаттан хостоммут боруодаттан кимберлит баарын бэлиэтээн турардаах. Бу улахан суолталаах сонуну Саха сирин киин оройуоннарыгар геологическай үлэлэри ыытар Дьокуускайдааҕы чинчийэр-устар экспедиция диэн тэрилтэ исписиэлиистэригэр бэриллэн турар. Хойут хаһан эмит, кэнники Дьокуускай куорат уонна Бүлүү өрүс икки ардыларынааҕы хордоҕойго алмаас көстөр күннээх буоллаҕына соһуйаайаҕыт. Ити үтүөлээх геолог Константин Никитич Гурьев булбут кимберлитовай трубката буолар диэн өйдөөрүҥ. Оччо5о К.Н. Гурьев албан аата алмаас остуоруйатыгар дьиҥнээхтик ааттаныаҕа.

Горнайга ханна да алмаас үөскээбит сирин туһунан баччааҥҥа диэри иһиллэ илик, информация суох. Ол эрээри кимберлиттээх трубка барыта алмаастаах буолбатах. Сороҕо кураанах буолар үһү. Тугэнинэн тубэһиннэрэн этэр буоллахха, 2008 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас сиригэр, Тамма үрэх уҥа эҥээригэр, Манчаары үрүйэтин төрдүгэр, 105 м дириҥҥэ кимберлиттээх боруода үөскээн сытара булуллан турар. Ол аата Киин улуустарга кимберлит эттигэ чахчы баар буолара аан бастаан бигэргэтиллэн турар! Дьиҥнээхтик. Билэргит курдук билигин бу сиргэ алмааһы хостоору үлэ күөстүү оргуйа турар. Сураҕа “Мир” трубкаттан саппааһа элбэх үһү. «Манчаары» диэн ааттаах бу саҥа кимберлитовай трубканы Саха геолога А.П. Андреев булан турар (партия нач. К.А.Бекренев). Кэҥкэмэнэн сирэйдээн алмааска тиийэн хааллыбыт. Саха сирин киин улуустарыгар барыта 12 улуус киирэр.

Кэҥкэмэ үрэх аатыттан ураты Кэҥкэмэ өтөҕө, Кэҥкэмэ түбэтэ диэн сирдэр бааллара биллэр.

Бу одоҥ-додоҥ ис хоһоонноох суруйуубун сахалартан бастакы топонимист-суруйааччы, степенэ суох учуонай, норуот академига Багдарыын Сүлбэ кынаттаах тылларынан бүтэриэхпин баҕарабын: “Сир аата – норуот олорон ааспыт олоҕун, историятын сиэркилэтэ”.

Изображение

***

Атамай уола – Владимир Прокопьевич Парфенов, суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, кыраайы чинчийээччи


Источник: Аартык
Поделиться:
18:13
31
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.