Мындаҕаайылар байыастарга биир массыына көмөнү хомуйан ыыттылар
Бу туһунан Чурапчы улууһун дьахталларын түмсүүтүн салайааччыта Анастасия Афанасьева иһитиннэрдэ, диэн «Саҥа олох» хаһыат суруйар.
Болугур нэһилиэгэр Мария Дьячковская салайааччылаах “Алаһа” дьахталлар түмсүүлэрэ итиэннэ бөһүөлэк иһинээҕи волонтердар кыттыылаах, дойду ыытар аахсыйатыгар кыттыһаннар, биир улахан массына толору хаххалыыр сиэккэлэри, анал таҥаһы-сабы, харысхаллары, туттар малы-салы, ичигэс таҥас-сап хомуйан ыыппыттарыгар СӨ тэриллибит ыстаап салайааччыта олуһун үөрэн, улаханнык соһуйан туран дириҥ махталын биллэрдэ. “Так много материальной помощи мы еще не получали, целая машина”, — диэн бэлиэтээбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, бу таһаҕас барыытыгар-кэлиитигэр улуус дьаһалтатыттан Алексей Лобанов улахан көмөнү оҥордо. От ыйыгар анал байыаннай дьайыыга айаннаабыт массыынанан Мындаҕаайылар көмөлөрө барыта барда диэн эттилэр.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ
ВолонтерыСВО