Горнайга күһүҥҥү туйахтаах кыылы бултуурга сэрэбиэй түмүктэннэ
Горнайга 2025-2026 сс. туйахтаах кыылга, хагдаҥ эһэҕэ бултуурга сэрэбиэй түмүктэннэ. Бу туһунан «Үлэ күүһэ» хаһыат суруйар.
Саха сиригэр кыылы-көтөрү бултааһын болдьохторо:
Тайах
Барытыгар – балаҕан ыйын 15 – тохсунньу 10 күнүгэр диэри;
Сүүлүн кэмигэр, балаҕан ыйын 1 – 30 күннэригэр.
Кыыл таба
Барытыгар – атырдьах ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри.
Кулааһай
Барытыгар, алтынньы 1 – тохсунньу 10 күнүгэр диэри;
Сүүлүн кэмигэр, балаҕан ыйын 1 – 30 күннэригэр;
Өҥүргэс муостаахтарга, бэс ыйын 1 — от ыйын 15 күнүгэр диэри.
Туртас
Барытыгар, алтынньы 1 – тохсунньу 10 күнүгэр диэри; сүүлүн кэмигэр – атырдьах ыйын 20 – балаҕан ыйын 20 күнүгэр
Хагдаҥ эһэ
Саас – муус устар 20 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри;
Күһүн – атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
Эбэн эттэххэ:
Куобах, саһыл
Балаҕан ыйын 15 күнүттэн олунньу 28 (29) күнүгэр диэри.
Бөрө
Атырдьах ыйын 1 күнүттэн кулун тутар 31 күнүгэр диэри.
Вячеслав Алексеев
Хаартыска: Юрий Коковин
охота