Оттооһун хаамыыта: хотуур ортотугар былааннаммыт от аҥаара кэбиһилиннэ
Өбүгэлэрбит атырдьах ыйын 14 күнүгэр хотуур ортото буолбутунан ааҕаллара итиэннэ Бастакы Ыспааһабы бэлиэтииллэрэ. Бу күн тыа хаһаайыстыбатын хааччыйар биир кэлим иһитиннэрэр-ырытар тиһиккэ түмүллүбүт дааннайдарга сигэннэххэ, 205 733 гектар иэннээх сир охсуллубут, 211 947,8 туонна от кэбиһиллибит. Инньэ гынан, былааннаммыт кээмэйтэн 49 бырыһыана туолла.
Отчуоттанар кэмҥэ “Сатай” куораттааҕы уокурук 350 туонна оннугар 420 туонна кэбиһиилэнэн, быйылгы от үлэтин ким хайа иннинэ түмүктээтэ. Өлүөхүмэ отчуттара 10 472 туонна оту кэбиһэннэр, 73 бырыһыаҥҥа таҕыстылар. Хотугу улуустартан быйыл сайын абыйдар биир кэм бигэтик оттоон иһэллэр: былааннаах отторун 68 бырыһыанын ыллылар. Хара ааныттан хоннохтоохтук саҕалаабыт Амма улууһа 20 438 туонна оту кэбиһэн, былаанын 67 бырыһыанын толорон иһэр, оттон былырыыҥҥы тэтимин 168 бырыһыан (бу саамай үрдүк көрдөрүү) куоһарда. Мэҥэ хаҥаластар 29 тыһ. тахса туонна оту туруоран, былааннаммыт кээмэй 66 бырыһыаныгар тэҥнэһэр кэбиһиилэннилэр.
«От сиэбэт» Анаабыртан уонна Нерюнгриттан ураты улуустар бары окко былааннаахтар. Аллайыахаҕа 21 туонна оту былааннаабыттара эрээри, баччаҕа диэри биир да сибидиэнньэни биэрэ иликтэр. Саха сүөһүлээх Эбээн Бытантайга министиэристибэттэн 2,5 тыһ. туонна окко былаан тиэрдиллибититтэн 22 бырыһыанын (555 туонна оту) бэйэлэрин сирдэриттэн буларга суоттаналлар. Ол даҕаны кыайтарыа саарбах: билигин 41 туонна кэбиһиилэнэн, былаантан 2 эрэ бырыһыанын кээрэттилэр. Эмсэҕэлээбит Өймөкөөҥҥө 507 туонна оту туруордулар, бу былааннаммыт кээмэйтэн 14 бырыһыана. Ардах халаанын содулугар бэйэлэрэ былаантан 41 бырыһыанын, ол эбэтэр 1 488 туонна отунан хааччынары сабаҕалыыллар. Итинэн сирдэттэххэ, оттуохтаахтарын үстэн биирин кэриҥин булуннулар.
Былааннарын толорбот улуустарга хаһаайыстыбалар төһө-хачча мобильнай биригээдэни тэринэллэрэ атырдьах ыйын 20 күнүн кэнниттэн чуолкай биллиэҕэ. Ити эрээри, бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ сорох улуустарыгар 87 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 6 176 туонна оту туруордулар. Хаҥалас улууһугар 24 биригээдэ 3 185 туонна кэбиһиилэннэ. Амма улууһугар 23 уонна Куорунайга 28 биригээдэлээхтэр, туһааннааҕынан 1 976 уонна 451 туонналыы оту чөкөттүлэр. Уус Алдаҥҥа 9 биригээдэ 264 туонна, Томпоҕо 3 мобильнай 300 туонна оттоннулар.
Кэлиҥҥи нэдиэлэҕэ сиилэһи угуу уонна сенаһы суулааһын балачча тэтимнэммитэ көстөр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 14 улууһугар уонна “Дьокуускай” куораттааҕы уокурукка холбоон 24 184 туонна сиилэһи бэлэмниир былаан ылыллыбытыттан отчуоттанар кэмҥэ 4 734 туонна сиилэс угуллан, 20 бырыһыана туолла. Нэдиэлэ анараа өттүгэр 2 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэрэ. Ол гынан баран, сиилэстээһиҥҥэ билиҥҥитэ 4 улууһу кытта Дьокуускай киирдилэр. Бастакынан саҕалаабыт Хаҥалас улууһугар 2 132 туонна сиилэстэннилэр, былааннара – 3 тыһ. туонна. Аммаҕа 1 тыһ., Чурапчыга 800, Мэҥэ Хаҥаласка 152 уонна Дьокуускайга 650 туонна сиилэһи уктулар.
Ааспыт сыллааҕы туһааннаах кэми кытта тэҥнээтэххэ, сиилэстээһин көрдөрүүтэ 212 бырыһыанынан ордук. Сенажтааһын өссө тэтимнээх (287%). Быйыл 13 443 туонна сенаж сууланара былааннаммытыттан бу кэмҥэ 810 туоннатын сенажтаатылар. Туолуута 6 эрэ бырыһыаҥҥа тиийдэр, урукку сыллартан эрдэлээн иһэрэ уоскутар курдук. Сенажка былааннаах 13 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 4 улууска үлэ саҕаланна: Аммаҕа 450, Алдаҥҥа 210, Өлүөхүмэҕэ 100, Мэҥэ Хаҥаласка 50 туонналыы сенажтаахтар.
Аата
Былаан (туонна)
Билгэлэнэрэ
(туонна)
Охсулунна
(гектар)
Кэбиһилиннэ
(туонна)
Туолуута
(%)
2024 с. туһаан. кэмиттэн (%)
Өрөспүүбүлүкэ
үрдүнэн
434 334
394 219
205 733
211 947,8
49
83
“Сатай” КУо
350
400
400
420
120
115
Өлүөхүмэ
14 290
14 048
5 963,30
10 472,10
73
103
Абый
1 968
1 869,6
832,30
1 342,75
68
111
Амма
30 653
30 653
18 680
20 438
67
168
Мэҥэ Хаҥалас
44 369
41 806
25 328,60
29 189,70
66
119
Үөһээ Бүлүү
24 343
24 343
13 685
15 776
65
105
908
30 000
27 500
5 145
17
Ленскэй
5 722
5 722
1 662,10
3 588
63
86
Уус Алдан
31 000
27 612
20 558,50
18 489,65
60
84
Орто Халыма
5 000
4 000
2 075
2 575,8
52
68
Оттооһун хаамыытын бастыҥнара (14.08.2025 с. туругунан)
Василий Никифоров.
Хаартыска: «Эркээйи» хаhыат киэнэ
сенокос