Владимир Колосов: Ил Дархан олохтоох бэйэни салайыныы икки таҺымнаах буолуо диэн бигэргэттэ
Быйылгы Ил Дархан Айсен Николаев быҺа эпиирин кэмигэр улууска күүстээх тыал, инчэҕэй хойуу хаар түҺэн уот арахсыбыта. Ол да буоллар сибээс баар буолан, дьон төлөпүөн нөҥүө киирэн көрбүттэрэ уонна истибиттэрэ. Амма улууҺун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов эмиэ «Саха» НКИХ сыҺыарыытыгар киирэн көрбүт, диэн «Амма олоҕо» хаҺыат суруйар.
«Мин бэйэм өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо буоларбынан уонна үлэм туҺааннааҕынан Ил Дархан быҺа эпиирдэрин көтүппэккэ көрөбүн диэххэ сөп. Быйыл бу төҺө да уоппут суох буоллар, хата сибээс үчүгэй буолан көрдүм. БыҺа эпиир кэмигэр элбэх боппуруос киирдэ. ТыҺыынчаттан тахса. Бу дьон маннык быҺа эпиирдэри сэргиирин, бэриллибит боппуруостарыгар эппиэт ылалларын бигэргэтэр. Өссө ханна эрэ Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин телевизор нөҥүө быҺа эпииргэ тахсыытын биҺигиттэн, Саха сириттэн холобурдаан ылбыт диэн аахпытым. Чахчы үрдүкү былаас норуоту кытта быҺа тахсан, этэргэ диэри атах тэпсэн олорон кэпсэтэрэ үчүгэй буоллаҕа. Мин бу быйылгы быҺа эпиир кэмигэр Айсен Сергеевич олохтоох бэйэни салайыныы саҥа 33 нүөмэрдээх сокуона киириитигэр, биҺиги региоммутугар икки таҺымнаах салайыныы хааларын туҺунан өссө төгүл бигэргэппитин сэргээтим. Бэйэм бу боппуруоска үлэлэҺэ сылдьар буоллаҕым. Мин саныахпар бу олус сөптөөх быҺаарыныы. Тоҕо диэтэр биҺиги Сахабыт сирин территорията наҺаа улахан. НэҺилиэктэрбит улуус кииниттэн тэйиччилэр. Онон турар кыҺалҕалары быҺаарыыга миэстэтигэр былаас баара хайаатар да наада. Аны тыа сирин олоҕун усулуобуйатыгар хас биирдии нэҺилиэккэ баҺылыктаах уонна дьокутааттар сэбиэттэрэ баар буолуохтаах. Ол хаалара сахабыт сиригэр оруннаах. Саҥа 33 нүөмэрдээх сокуон балаҺыанньалара олоххо киирдэҕинэ хас биирдии нэҺилиэк дьаҺалтатын боломуочуйара туспа үптээх харчылаах буоларын биҺириибин. Оччотугар ыытар үлэлэрэ күүҺүрэ көдьүүҺэ улаатыа. Билигин билэргит курдук үгүс боломуочуйалар үптэрэ-харчылара суох буолан, боппуруостар быҺаарыллыылара ыарахан. Онтон быыбар суох буолар диэн саныыр дьон сыыҺаллар. Бу сокуоҥҥа ханнык да анааҺын диэн суох. Дьокутааттарбытын улуус да, нэҺилиэк да, Ил Түмэн да буоллун быыбардыыбыт. Ону кытта Ил Дарханы эмиэ талабыт. Онон олус айманыы наадата суох. Ил Дархаммыт икки таҺымнаах олохтоох бэйэни салайыныыны хаалларыыта саамай сөптөөх дии саныыбын»,- диэн Владимир Владимирович санаатын үллэҺиннэ.
прямая линия