Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Андрей Находкин: Дьон күннээҕи кыһалҕаны эрэ буолбакка, тыа сирин сайдыытыгар кэскиллээх этиилэри туруоруста

Ил Түмэн сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин бу күннэргэ бэйэтин уоукургар – Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар үлэлиир. Кини улуус баһылыга Дмитрий Тихоновы кытта улуус нэһилиэктэринэн сылдьан быыбардааччыларын кытта көрүстэ, үлэтин-хамнаһын кэпсээтэ, ыйытыктарга эппиэттээтэ. 

Ол курдук, Андрей Кычкин баһылыктаах Араҥас нэһилиэгэр улуус салалтатын сыллааҕы үлэтин отчуотун 44 киһи кэлэн иһиттэ.

Бу нэһилиэккэ олохтоохтор социальнай хайысхалаах кыһалҕалары таарыйдылар.  Кинилэр нэһилиэккэ 21 инбэлиит баарыттан алтата оҕолор диэн кэпсээтилэр. Онон нэһилиэк олохтоохторо  күһүн, саас суол алдьаныытыгар Төҥүлүгэ айанныыры ыарырҕаталларын, эбии айан сыаната үрдүү турарынан нэһилиэккэ  фельдшер көрүллэрэ хайаан да наадатын  тыын боппуруос быһыытынан туруордулар.

Маны таһынан олохтоохтор салгын олбохтоох суудуналар сыаналарын хонтуруоллааһын наадатын,  ирбэт тоҥ ирэн сир алдьаныыта, дьиэ хамсааһына, күрүө-хаһаа сууллуута тахса турарын,  эдэр исписэлиистэр, элбэх оҕолоохтор уочараттарын ханна көрүөххэ, билсиэххэ сөбүн  туоһуластылар.

Изображение

Кинилэр ырысыабынан  бэриллэр эмтэрдээх аптекалары элбэтэргэ, уот линиятын СИП кабельга уларытыы үлэтэ барара наадатын, кыра култуура кииннэригэр, граннарга кыайан киирсибэт казеннай тэрилтэлэргэ материальнай-техническай өттүнэн хааччыйыыга туспа куонкурус ыытыллара наадатын туруорустулар.

Маны таһынан, иистэнэр сыахтарыгар анал байыаннай дьайыыга көмө буоларга промышленнай оверлок ыларга көмө наадатын, нэһилиэккэ закупочнай бырагырааматтан кэпэрэтииптэргэ көмө көрүллэрэ буоллар диэн этиннилэр. Кэпэрэтиип салайааччыта Петр Петрович хаачыстыбаҕа үлэлиир өҥөнү оҥорор кэпэрэтииптэр дохуокка тахсалларыгар анал систиэмэтэ толкуйдуохха диэн этии киллэрдэ.

Ил Түмэн дьокутаата Андрей Находкин ыйытыктарга эппиэттээтэ. Чуолаан, кини  ирбэт тоҥ ирэн сир хамсааһыннара тахсыылара бүтүн  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыҥаан турар кыһалҕа буоларынан, бу боппуруоска уопсай сүбэнэн «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» курдук анал бырагыраама олохтооһуна толкуйданыан наада диэн санаатын үллэһиннэ.

Мэлдьэхси нэһилиэгэр отчуоттуур мунньахха  63 киһи мустан санааларын атастастылар.

Олохтоохтор уот линиятын остуолбаларын уларытыыны, сүөһү төбөтүгэр кэлэр  субсидия бэрээдэгин, үүт туттарыытыгар сайыҥҥы өттүгэр охладитель ирдэнэрин этиннилэр. Кинилэр нэһилиэктэринэн кэпэрээссийэлэри тэрийэн олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бүддьүөтүн арыйтарар тоҕоостооҕун уонна тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатын бэрдэриини сүрүн сорук быһыытынан туруордулар.

Маны таһынан, бииригэр дылы саастаах оҕолорго тоҕо биллибэт мааркалаах үүтү биэрэллэрин, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар төрөппүттэригэр бэриллэр дастабырыанньа болдьоҕун уһаттарыыны уонна анал байыаннай дьайыыттан бааһыран кэлбит уолаттары иккистээн ыыппат гына  доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин хайысхатынан сүрүннэммит үлэ ыытыллара хайаан да наадатын этиннилэр. Кинилэр маны тэҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр туох көмө баарын туоһуластылар.

Изображение

Олохтоохтор Чыамайыкыга алмаас булуллуутунан айылҕаны харыстааһыҥҥа туох үлэ барарын туоһуластылар.

Нэһилиэк олохтоохторо сүрүн сорук быһыытынан түргэнник ситэр салааҕа быстах кэмҥэ буолбакка, анал бырагырааманы үлэлэтэн систиэмэлээх үлэ барара наадатын туруорустулар.

Василий Стручков баһылыктаах Дьаҥхаады  нэһилиэгэр 100-кэ киһи кэлэн салалта сыллааҕы үлэтинэн улуус баһылыгын, Ил Түмэн дьокутаатын  отчуотун иһиттилэр.

Олохтоохтор култуура киинин тутуллуутун, аптека үлэтин, гаас нэһилиэккэ хаһан киирэрин, босхо кэлиэхтээх эмп тоҕо тиийбэтин, киин ититии систиэмэҕэ холбонууну, онколог, гинеколог быраастар кэлэн нэһилиэнньэни көрөллөрө наадатын,  Бэдьимэ-Төхтүр суолун астарыы үлэтин, котельнайдар оһохторун кыамтатын күүһүрдүүнү туруорустулар.

Маны таһынан нэһилиэк олохтоохторо киһи сиир бурдугун үүннэриини, Хаптаҕайдааҕы комбикорма собуотун үлэтин сөргүтүүнү, ньүөлсүтүү систиэмэтин туруоруу, саҥа учаастактарга эдэр ыалларга уот, ититэр ситими тардыы үлэтин курдук нэһилиэк инники сайдыытыгар кэскиллээх боппуруостары туруордулар.

Мустубут дьон анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга туох көмө оҥоһулларын, контрагынан барыы бэрээдэгэ хайдаҕый диэн ыйытыылар киирдилэр.

Бастыҥ спортсменнары иитэн таһаарарга усулуобуйа тэрийэн, кыһыннары үлэлиир манежтары туттаран, олимпиада  кыһыҥҥы көрүҥнэригэр  эрчийии төгүрүк сыл устата күүскэ барара буоллар,  чулуу спортсменнар үүнэн тахсыа эбиттэр диэн олохтоохтор кэскиллээх этиилэри киллэрдилэр.

Изображение

Кинилэр улууска тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллибитин сэҥээрэллэрин, оҕолорбутун үлэҕэ сыһыаран улаатыннарыахха, сибиэһэй бэйэ аһынан хааччыллыылаах буолуохха диэн салалта үлэтин өйүүллэрин биллэрдилэр.

Маны таһынан,   норуот дьокутаата Андрей Находкин отчуоттуур бөлөҕү кытта  Дьабыыл, Доллу, Төҥүлү, Ороссолуода нэһилиэктэригэр сылдьан үлэлээтэ. Манна сүрүннээн нэһилиэктэргэ аптека хайаан да баар буолара наадатын, гаас ситимэ тардыллыытын, инбэлиит дьоҥҥо гаас киллэттэриигэ көмө көрүллэрэ наадатын, улуус иһигэр аҕам саастаах дьоҥҥо санаторий тутуллара ирдэнэрин, уот ситимин саҥардыыны уонна күүһүрдүүнү, бэйдиэ сылдьар ыттары көрөр пуун хаһан үлэтин саҕалыырын, улууска ыытыллар тутуу хаачыстыбатын хонтуоруоллааһыны, өрүһү туоратар салгын олбохтоох суудуналар сыаналарын чэпчэтэр сыаллаах үлэни тобулан ыытары туруорустулар.

Андрей Находкин быыбардааччыларын ыйытыыларыгар эппиэттээтэ, тус көрсөн кэпсэттэ, ордук  «балбаах сокуонун», өртөөһүн  туһунан дьоҥҥо быһааран кэпсээтэ.

Олохтоохтор маны таһынан нэһилиэк, улуус сайдыытыгар суолталаах этиилэри киллэрдилэр. Холобур,  хас нэһилиэк аайы бурдук ыһар звенолары тэрийэр тоҕоостооҕун, оҕону үлэҕэ сыһыаран иитиини сөргүтэн үлэ лааҕырдарын элбэтиини, нэһилиэктэринэн кэпэрээссийэлэри тэрийэн олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бүддьүөтүн арыйтарар тоҕоостооҕун, түргэнник ситэр салааҕа быстах кэмҥэ буолбакка, анал бырагырааманы үлэлэтэн систиэмэлээх үлэ барара наадатын, улууска биллэриллибит тыа сирин Сылыгар бэйэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ бары кыаҕы уурар наадатын этиннилэр.

Ол эбэтэр, Андрей Михайлович бэлиэтээбитинэн, билигин дьон өйө-санаата күннээҕи кыһалҕаны эрэ быһаарыыга буолбакка, тыа сирин инники сайдыытыгар туһуламмыта харахха быраҕыллар, ол аата тыа сирэ инникилээх диэн эттэ.

Кини бу кэскиллээх хайысхаларынан  үлэни салгыы ыытар тоҕоостооҕун, Ил Түмэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын программатыгар үп-харчы көрүллүүтүн быйыл эмиэ добуччу улаатыннаран тыа сирин салгыы өйүүрүн  бэлиэтээтэ.

***

Ил Түмэн пресс-сулууспата

(Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатын иһитиннэриитинэн)


Источник: Аартык
Поделиться:
15:50
25
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.