Тыл хомуһуна тиллэн, былыр кыһыны аралдьытан, олоҥхо истэллэрэ. Олунньуну атырдьах ыйа батыһар. Ый ортотун эргин дьыбар тахсар, былыт кэлэр. Көмнөҕү түһэрэр уонна күнү көтөҕөр диэн икки тыаллаах. Сааскы тибии саҕаланар. Кэлэр ыйдыын барыта холбоон тоҕус тибии буоллаҕына, өҥ сылы күүтэллэр.
Бу ыйга тыһы эһэ арҕаҕар төрүүр. Тураах уйа туттан саҕалыыр. Сыл устатын тухары олунньуга эрэ ый туолуута бэлиэтэммэт.
Олунньуга дьон Тапталлаахтар күннэрин бырааһынньыктыыр буолан, сылга саамай иэйиилээх, долгутуулаах ыйынан биллэр.
Сыл саамай кылгас ыйа 28 күннээх. Түөртүү сыл буола-буола олунньу биир чорбохтонон 29 күннэнэр.
Дьыл (кыһын) оройо. Күһүҥҥү Бокуруоптан 110 хонук, оттон сааскы Ньукуолуҥҥа диэри эмиэ 110 хонук ааҕыллар.
***
Aartyk.ru
Источник: Аартык
Поделиться: