«Мэхээлэчээн булчут» иккис ааптара Яков Стручков аатын сөргүтүү
«Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» аатырбыт оҕо айымньытын айан таһаарбыт суруйааччынан киэҥ эйгэҕэ өр сылларга Тимофей Сметанин соҕотохтуу ааҕыллан кэлбитэ.
Иккис ааптар — Абый улууһун олохтооҕо, үтүөлээх учуутал Яков Стручков баарын бэрт аҕыйах киһи — биир дойдулаахтара, аймахтара эрэ билэллэрэ. Тоҕо кини аата ааттаммат этэй? Тоҕо бу кырдьыктаах суол өр кэмҥэ кистэнэн, киэҥ араҥаҕа иһиллибэтэҕэй?
«Мэхээлэчээн булчут» уус-уран киинэ устар бөлөҕө бу төрдүн-төбөтүн билээри Абый улууһугар сырытта. Толору документальнай киинэҕэ көрүҥ.
Мэхээлэчээн булчут
Поделиться:
