Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории или вступай и обсуждай. 

Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах

Николай Павлов-Тыаһыт

Нууччалыы охсуу балаҕан уҥа өттүгэр остуолга сыа чүмэччи умайан сыыгыныы турар. Онно кыһайан көрдөххө биир халыйбыт хаһалаах тас мөссүөнэ элбэх адаар муостаах ынах сүөһүлээх, сүүһүнэн ахсааннаах ньалыкы сиэллээх сылгы сүөһүлээх, баранан барбыт былыргы олоххо улуус баһа моһуоннаах, торум курдук бытыктаах, тимир торуоскалаах ыар тыйыс хара хааннаах, чиҥ куоластаах, саһыылыкы албын Сарай Сэмэн диэн буолбут.

Тоҕо эрэ уруккутун, Арамаанап ыраахтааҕы былааһа адаҕыйан турдаҕына хамначчыт хара көлөһүнүн ыгыта тутталаан ылан баайа эбиллэрин санаан баран, аныгы кыра дьон сүбэтин былааһа туран үлэһит хараҥа дьон киэбэ уларыйбытын өйдөөн, санаата санньыйан остуолга умса түһэн олорор. Дьиэ үрдүгэр күтүр улахан хара күлүк түһэн турар. Дьиэ иһигэр иһиллээтэххэ им ньим, арай өр буола буола Сэмэн кыдьдьаҕас саас уу кэлэн мууһу көтөҕөн үллэҥнэтэрин курдук үллэкис үллэкис хамсаан баран иһин түгэҕиттэн иҥсэлээх баҕайытык өрө тыынан сыһыгаратара эрэ иһиллэр.

Ол олордоҕуна таһыдьдьа киэһээҥҥи дьыбарга, хаар устун киһи хааман чуучугуруур тыаһа иһилиннэ. Сарай Сэмэн ким кэллэҕэй диэбит курдук атаҕын тыаһыттан билээри чуумпуран иһиллээн олордо.

Аан тыаһа сынньалаҥ биэрбэт абаҕытын диэн кэбириммит курдук кыыгынаан тыаһаан аһылынна, туман салгын оттотугар тоҥмут сырай мэлтэс гына түспүтэ.

Сэмэн киирэн иһэрин ыраахтан билэн баарын биллэрэ суобаһыран көхсүн этитэн баран, кини киһи, иҥиэттэн кээстигэр олорор олох маһа «айаккабын да» диэбит курдук бэт куһаҕаннык хачыгыраан тыаһаата уонна бэт дириҥ куолаһынан:

– Нокоо, кэпсээниҥ бу ханна бардыҥ?

– Кэпсээн бөрүкү суох – диэн хааҕынаан саҥарда.

– Даа, бачча түүн хантан иһэҕин?

– Ээ, бааһынайга сыльдьан баран иһэбин.

– Тугу кэпсиирий ол киһи – диэн баран аа дьуо туран ааҕан атыллаан бурбур буруолуу сытар көмүлүөк оһоххо баран аҕылаан аҕылаан, мэҥилээн мэҥилээн уотугар үс түөт маһы ууран баран үрээри бөкчөҥнүүр.

– Сассын куоракка добуруобуһунан киириэм диэн бэлэмнэнэр.

– Тугунан да? – диэн чиҥэтэн ыйытта.

– Саллаакка сурулла киирэр үһү.

Сэмэн үөрбүт куолаһынан:

– Даа, – диэн унаарыччы соҕус сэҥээрэн кэбистэ уонна онтугар салгыы: – Көр, ол кыдьдьык кыһыл сэбиэскэй былаас иннигэр өлөрүн утуйарга холуур. Эһи бааргыт дии, төһө саллаакка киирэн эрэҕит?

– Сорох өлөр диэнтэн саныы саныы куттанар, дуусабар өһүм суох доҕор!

– Һэ-һэ-һэ – диэн сатаҕай соҕустук күлэн лаһыгыратта уонна баттаҕын тарбана-тарбана: – Нокоо, хата бу уоту үр эрэ, эйиэхэ оччоҕо уоту күөдьүтэр сөп, тос үлэҥ!

Уола ньааччаххальльыйан тиийэн үрэн сыһыгыратан күөдьүттэ да, сөп буоллум дии санаан таххан баран хаалла.

Сэмэн кэнниттэн олорон эрэн сирэйэ мүчүк гына-гына: – Көр, хата биир эппит тыыммыт хасса суох көҕүрүүһү. Барбыта эрэ баар буолан баран кэлбит суола биллибэтэ буоллар үчүгэй этэ, оччоҕо эмиэ санньалаҥ олоҕум эргийиэ этэ, – диэн иннин санаан үөрэ олордо.

***

Биир сылга Сарай Сэмэн баттыгастаах олоҕун аспыта эмиэ ахсыыр кэрдииһэ кэллэ быһыылаах. Баһылай оҕо биир сылга кыайыылаах кыһыл саллаат хаһаарыматыгар киирэн сааны тутан сэриигэ эрэ бэлэмнэнэр үөрэххэ үөрэммэтэх: урут сахалыы ханнык эмэтик тураах хаампытын курдук күнү күннүктээн олорон «Баһылай Уйбаныап» диэн араспааньалаах аатын нэһиилэ суруйар киһи, билигин сахалыы улахан, улууһу да кыайар, суруксут буолбут. Урут муньньахха элбэх эрэ саҥатынан уус эрэ тылынан устар ууну сомоҕолуур диэбит курдук саҥарар буолара, билигин буоллаҕына ол Лиэнин тула, хомуньуус үөрэҕэ диэн сүрдээх төрүттээх ыраах баҕадьыттан кэпсээн киһиэхэ эрэ кэрэхсэттэ. Урут Сарай да Сэмэн буолбатар нэһилиэгин дьоно үксэ сөбүлүү көрбөт, Баппат Баһылай диэн ааттыыр этилэр да аны Баһылай Уйбаанабыс диэн мааныллаан ааттыыр буоллулар.

Кини эппит саҥарбыт тыла хаһан даҕаны, олоххо көрдөххө сымыйа буолбакка, тиллэр буолан улууһугар да биллэн испитэ.

Онтон аҕыйах ый буолан баран улуус муньньаҕа Баппат Баһылайы улуус ситэриилээх кэмитиэтигэр силиэнинэн талбыттара. Ол муньньахха ыалын Сарай Сэмэни былыр былыргаттан кыра садаҥы, хамначчыт дьону баттаан үктээн, байан тайан олорор, өбүгэтин саҕаттан батталлаах киһи диэн куолаһын быстарбыт үһү. Сарай Сэмэн куолаһа суох «културуус» буолбут.

Нэһилиэк мунньаҕар баран сир үллэһигэр уруккутун курдук баттаан үктээн суоһунан-суодалынан кыра хара дьону куттаан элбэх сири ылаары көдөҥнөөн бааттыгар, Баппат Баһылай көрөн ойон туран «куолаһа суох баай биһи кыра дьадаҥы дьон муньньахпытыгар миэстэтэ суох, тааһааран кэбиһиҥ» диэн чаҥкынаабытыгар олорус чолорус эдэр уолаттар кэтэҕиттэн анньан тааһааттара абата бэт быһыылаах этэ. Кыыһырбыт уоҕар дуу абатыгар дуу хараҕа көстүмнэ атын киһи атын бэйэм атым диэн олорон баран иһэн өйдөөн төннөн кэлбитигэр «оҕонньорбут аны кыдьдьан баран кылыыһыт буолбут үһү диэҥҥэ дылы, аны суобаһын сүтэрэн баран уоруйах идэни булара хаалбыт» дии-дии күссэн кыдьдьаҕас хаанын алыс хойуннардылар.

Сэмэн кыдьдьаҕас дьиэтигэр баран дэлби кырбаппыт дуу күтүр улаханнык ыальдьыбыт киһи курдук дуу, сэниэтэ суох буолан оронугар тиэрэ түһэ сытан эрэн «таҥара баайдаах, уол оҕо дьоллоох» диэн ити буоллаҕа ду. Хайдах курдук Баппат Баһылай куоракка саллаатынан киирэн баран, улуус баһа буолан бар дьону үөрэттэ, дии саныы саныы оронугар көскөллөн сытта.

«Чолбон», 1928 сыл, №2

Айымньы 1928 сыллаахха хайдах бэчээттэммитинэн таҕыста

Өссө ааҕыҥ: Балыксыт Былатыан Чолбон  

УлуусМедиаУлуусМедиа

Поделиться:
19:30
21
Нет комментариев. Ваш будет первым!



Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.