Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Изображение

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынын, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

Изображение

VI. Оҕоҕо, кырдьаҕаска-кыаммакка сыһыаҥҥа:

1. Оччугуйу атаҕастаама. Оҕону бүгүн кыайаргынан туһанан баттаама, сэнээмэ, кини дабыдала сиикэйинэн туһаныма.

2. Оҕоҕун сөпкө буойан иит, сыыһатын өйдөт, сөпкө толкуйдат уонна күүһүн иһинэн туһалата, үлэлэтэ үөрэт. Ол кинини үчүгэй киһи оҥоруоҕа.

3. Оҕо сыыһатын буойбат аҕа, ийэ оҕолорун иннигэр иэдээни оҥороллор. Кини мээнэ, бас-баттах киһи буола улаатарыгар олук угаллар.

4. Оҕоҥ өйүн сайыннар. Кини доҕотторо кимнээҕин бил, ону үөрэт, чинчий. Ити туһалааҕа өйдөнөр.

5. Оҕо сарсын улахан киһи буоларын өйдөө. Киниэхэ ол быһыытынан сыһыаннас.

6. “Оноҕоһун туппутунан төрөөбүт уол оҕо”, “кыптыыйын кыбыммытынан төрөөбүт кыыс оҕо” диэн өйдөбүллэр ис хоһооннорун улаханнык сыныйан толкуйдаа.

7. Оҕону сөпкө буойуу диэн бу мөҥүү-этии буолбатах, оҕону өйдөтүү, сыыһалартан сэрэтии, үчүгэйгэ үөрэтии ааттанар. Сахаларга былыр оҕону оннук үөрэтии үөрэҕэ баара.

8. Оҕо хайдах киһи буолуоҕун мындыр кырдьаҕастар эрдэттэн билэллэр. Ол иһин оҕо оннук кырдьаҕастарга үөрэнэн иитиллиэхтээх.

9. Оҕо сыыһатын, куһаҕанын тэптэрэн биэрэр киһи дьиҥнээх куһаҕаны оҥорор.

10. Оҕону сарсыҥҥы дьиэ-уот баһылыга, хаһаайын оҥорордуу иит. Ити иитии уустугуттан саллыма.

11. Оҕо кырдьыбыта оҕонньор, эмээхсин буолар. Кинилэр бэҕэһээ эдэр дьон, соторутааҕыта оҕо буолан сылдьыбыттара эбээт.

12. Хас биирдии түс-бас кырдьаҕас оҕоҕо, эдэр киһиэхэ дьиҥнээхтик үөрэтэр кыһа буолар. Киниттэн элбэххэ үөрэниэххэ, элбэҕи билиэххэ сөп. Онон кинилэргэ оннук сыһыаннас, убаастаа, ытыктаа.

13. Кырдьаҕаска, кыаммакка көмөлөс. Кинилэр куһаҕаннарыттан, мөлтөхтөрүттэн кырдьыбатахтарын өйдөө. Кинилэр эмиэ эдэр, эрчимнээх дьон этилэр эбээт. Кинилэргэ тугу кыайаргынан көмөлөһөрүн иһин эйиэхэ таҥара махтаныаҕа.

14. “Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оҕоҕо, кырдьаҕаска көмөлөһөрүҥ үрдүк Таҥара иннигэр биир ытык иэһиҥ.

15. Оҕоҕо, кырдьаҕаска күүһүнэн өттөйөр киһи, дьиҥэр, олус мөлтөх киһи буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, кыайара эрэ оҕо уонна кырдьаҕас киһи буоллахтара дии.

16. Оҕону кырдьаҕаһы көрөн туран атаҕастатыма. Атаҕастыыр киһини буой, сэмэлээ, тохтот.

17. Сарсын эн эмиэ кырдьаргын өйдөө. Эдэр киһи, эн модун күүстэриҥ сарсын кырдьаҥҥын суох буолуохтара. “Кырдьыбыт хотойго тураах кытта боотургуур” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол иһин эдэргиттэн кырдьаҕаһы, кыамматы өйдүүр буол. Кырдьыы эйиэхэ эмиэ кэлэрин умнума.

18. Муударай кырдьаҕаһы былыр этэллэринии, ”хааһахха уган сүгэ сылдьан сүбэлэт.”

19. Муударай кырдьаҕас сүбэтэ сыаната суох күндү баай буоларын умнума.

20. Кырдьаргар муударай кырдьаҕас буоларга билиҥҥиттэн бэлэмнэн. Хойутаатаххына хомойуоҥ.

21. Эдэрдэргэ сүбэлиирэ суох кырдьаҕастары арыгы уонна сыыһа иитии үөскэтэллэр.

22. Кырдьаҕас киһи муударай сүбэтин мөҥөр, сэмэлиир, намтатар, сэниир диэн өйдөөмө. Сарсын бэйэҥ сүбэлиэҥ.

23. Уустукка маҥнай муударай кырдьаҕаһы иһит. Кини тугу эппитин, сүбэлээбитин хаһан да умнума.

24. Сүүс муударай кырдьаҕастар сүбэлэрэ төһөлөөх улуутун өйдөө.

25. Муударай кырдьаҕастарга сүбэлэтэр ыраахтааҕы сотору улуу ыраахтааҕы буолара саарбаҕа суох.

26. Муударай кырдьаҕастар үөскээбит сирдэрэ эмиэ дьикти сир буоларын өйдөө.

27. Муударай кырдьаҕастара суох норуот – сыыһа олороро уонна салайыллара онтон көстөр.

28. “Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан сүбэтин ыл” диэн мээнэҕэ сүбэлээбэттэр. Маны ырытан толкуйдаа.

29. Түс-бас буолуу эрдэттэн саҕаланар. Оҕо эрдэҕиттэн оттомноох, номоҕон оҕолортон үтүө дьоннор тахсаллар. Отутугар диэри оттомурбатах киһи хаһан да оттомурбат. Түөрт уонугар диэри түспэтийбэтэх киһи хаһан да түспэтийбэт. Бу муударай кырдьаҕастар этиилэрэ.

30. Муударай кырдьаҕастар үөскээн олорботох сирдэригэр үтүө ыччаттар үөскээбэттэр.

31. Муударай кырдьаҕас сүбэтэ үйэлэри уҥуордуур, норуоту төлкөлүүр, үрүҥ тыыны өллөйдүүр, хара тыынын харыһыйар. Татаар Тайма сүбэлээн, Эллэй сөпкө айаннаан кэлэн, Үс саханы үөскэттэҕэ дии.

Аар Айыы итэҕэлин сyрyн ирдэбиллэрэ   Аар Айыы итэҕэлин сyрyн ирдэбиллэрэ — II Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — III Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — IV Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — V Фото: Э.А. МАКСИМОВОЙ. Источник: В.А. КОНДАКОВ. «Аар Айыы итэҕэлэ». 129 — 131 стр., 2011 с.
Источник: SakhaLife
Поделиться:
17:35
33
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.