Баайаҕаҕа саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэн, ыаллар киин ититэр ситимҥэ холбоннулар
Баайаҕа нэһилиэгэр дьоһуннаах тэрээһин буолла — манна саҥа квартальнай хочуолунай үлэтин саҕалаата. Тутуу үлэтэ 2024 сылтан саҕаланан, бэрт тэтимнээхтик уонна кылгас кэм иһигэр ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Бу туһунан «Таатта» хаһыат суруйар.
Бу саҥа эбийиэги «ЖКХ «Альтернатива» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (директор Иннокентий Николаев) тутан үлэҕэ киллэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу тэрилтэ Таатта улууһун сиригэр-уотугар тутан үлэҕэ киллэрбит үһүс хочуолунайа буолар. Бу иннинэ кинилэр атын нэһилиэктэргэ бэйэлэрин эрэллээх үлэлэринэн биһирэммиттэрэ.
Билигин бастакы түһүмэх үлэтэ ситиһиилээхтик түмүктэнэн, нэһилиэк 10 чааһынай дьиэтэ киин ититэр ситимҥэ холбонно.
Олохтоохтор дьиэлэригэр сылаас киирбитин үөрүүлээхтик көрүстүлэр.
ЖКХ
Поделиться:
