Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории или вступай и обсуждай. 

Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Сэмэн уол мүччүргэннээх сырыылара

Сэмэн уол мүччүргэннээх сырыылара

Даниил Токосов

Дьиэ иһигэр сырдык хараҥа икки былдьаһан, ол-бу тээбириннэр барыгылдьыһан көстөллөр. Мин, кылгаска түннүк анныгар суруйа олорон баран, сурук көстүбэт буолбутугар куукунаҕа тахсыбытым. Таһырдьаттан кыра уҥуохтаах эдэр киһи лэкэрис гына түстэ. Кини дэриэбинэ иһигэр «Сэмэн уол» диэн биллэр. Көннөрү «Сэмэн» диэтэхтэринэ, кимин билээри «ол ханнык Сэмэний?» диэн токкоолоһуу бөҕө турар. Оттон «уол» диэн кылгас тыл эбилиннэҕинэ, хараххар Сэмэн уол күлбүт-салбыт сирэйэ-хараҕа көстө түһэр уонна, санаарҕаан да олорор буолларгын, сэргэхсийэ түһэҕин. Сэмэн уол оннук уол, түбэһээрэй «Сэмэн» буолбатах.

– Бу халлааммыт барахсан тоҕо итийбитэ бэрдэй!– диэбитинэн, көргө көччүйбэтэр даҕаны, куолутунан, үөрэ-көтө, оонньуу-күлэ көтөн түстэ уонна көмүлүөккэ кураанах маһы оттон биэрбитэ, чачыгырыы-чачыгырыы умайан барбытыттан дьиэ иһэ күлэ-күндээрэ түстэ.

– Сэмээн, туох кэпсээннээххиний, кэпсээ эрэ, – диэтим мин, кэпсэппэлээн иһэн.

– Сэһэргэстэххэ сэһэн ханна барыай, – диэн баран, киһим, устуул ылан, уот иннигэр олордо да, удьурҕай хамсатыгар табаах уурунан тарда-тарда, кэпсээбитинэн барда. – Мин биирдэ тайҕа дьаамыгар, баай ыалга хамнаска сырыттым. Ол сырыттахпына дьиэлээх дьахтар ыксаата. Онуоха миигин биир айаас соноҕоһунан «көтөҕөөччү» эмээхсини аҕал диэн ыыттылар. Баран аҕалан истим. Хараҥа буолла. Биир күөл устун тэптэрэн истэхпинэ, атым сиргэнэн сүүрэн бытарыйда, сыарҕам таҥнаһынна. Мин, муоһабыттан тутуһан, соһуллан истим. Ойуурга тиийэн, атым тохтообутугар туран көрбүтүм – эмээхсиним суох; сыарҕам таҥнастыбыт эбит. Эмээхсиним мэлис курдук. Эргиллэн көрбүтүм – туох эрэ адаарыйар. Эмээхсиним ойбоҥҥо төбөтүнэн түспүт, атахтара эрэ чороһоллор. Куйахам ытырбахтаата, хайдах да буолуохпун булбатым. Ыалбар төннөн кэлэн, эмээхсин дьиэтигэр суох диэтим.

Ол түүн этэҥҥэ ааста. Сарсыарда буолла. Дьахтарбыт бэйэтэ быыһанна. Күн кытара тахсан, дьиэ иһэ саҥардыы сырдаан эрдэҕинэ били эмээхсиним уолаттара, сүрдээх күүстээх-уохтаах дьоннор, икки буолан көтүөлэһэн түстүлэр. Мин кинилэри көрөн баран, сүрэҕим мөхтө, сирэйим итийдэ. Урут даҕаны, эмээхсиним санаабыттан тахсыбакка, ыар санааҕа ылларан олорбутум. Киирээт:«Хайа, ийэбитин тоҕо ойбоҥҥо уктун, хара түөкүн!»– диэбитинэн үрдүбэр түстүлэр. Мин «сыарҕам таҥнастыбыта» диэн хоруйдаһа сатаатым да, истиэх дьон буолбатахтар, үтүлүктээх бэргэһэбин нэһиилэ ыллардылар, түҥнэритэ анньыалаан, кырбыы-кырбыы, бүк-тах тутан, тиэргэҥҥэ турар уһаакка уктулар, хаппахтаатылар уонна уһаат икки кулгааҕын үүтүнэн туора маһы уган, олуйан кэбистилэр да, «суукка бардыбыт, онуоха диэри сытан эр, дьабын!» диэн баран, чигди суол устун атахтарын тыаһа чыбыгырыы турда.

Барбыттарын кэннэ уһаатым хаппаҕын өрүтэ сүгүөлээн көрдүм да, кыбыс-кытаанах. Мин буолтум иһин барыта, Чыҥыс Хаан ыйааҕын, ыраахтааҕы сокуонун курдук, көтүллүбэт күлүүппэлэннэ. Мин, харым күүһүн атыылаан, үп-ас, харчы, таҥас булан тахсан, кыаммат кэргэттэрбин кыһалҕаттан толуйаары, иэстэрин-суолларын төлөөрү, баай «тайҕаҕа» тахсыбыттаах этим. Оннук улахан соруктаах, бүтүн дьиэ кэргэн эрэллээх киһитэ, мин, ол-бу түбэһиэх түбэлтэҕэ, сорумматах суолбар түбэһэн бу дьүһүннэнэн сытарбын эргитэ санаатым. Бу барыта баайдар маҕалайдарын толороору сүүрэ-көтө сылдьан, санаабатах да буруйбун оҥорон кэбистим. Абаккабар ытамньыйан ыллым, араас санаалар аргыстаһан аастылар…

Сотору дэлби тоҥнум. Эмиэ биир күүтүллүбэтэх кыһалҕа кыһарыйда. Халлаан да тымныыта харыстаабат, үлэлэтэн да туһанар баайдарым көмүскээбэт киһилэрэ мин буоларбын манна үчүгэйдик өйдөөтүм. Үлүйэн өлбөт баҕатыгар били сүрдээх дьоннорум түргэнник сууту аҕала охсоллоругар, таҥнары, аны бэйэм баҕара сыттым.

Ол сыттахпына уһаатым хаппаҕа олуллубут туорайыгар ат кэлэн аалынан, охтороругар тиийдэ. Сахсайбыт уһаат быыһынан көрбүтүм – сыарҕабын таҥнаран, алдьархайга тэппит соноҕоһум кэлин буутун уһаакка ыга анньан турар. Мин ону уһаат быыһынан быһаҕым төбөтүнэн дьөлө астым. Атым тэбэн кууһуннарда. Уһаатым түөрэ-лаҥкы түстэ, мин мэйиим эргийиэр диэри кулаачыктанным. Өйдөөн көрбүтүм – уһаат икки маһа тостон иһилдьэ кимиллэн киирбиттэр. Өр толкуйдуу барбатым – көтүрүтэ тыыталаан баран, тахсан күрээн хааллым. Сүүрэн иһэн, сууккутугар соноҕоскутун дьүүллэтиҥ диэн эгэлэйдии оонньоотум.

Сирбэр-дойдубар эрдэхпинэ булчут идэлээх этим. Онон сиэттэрэн хас да табаарыстарбын кытта күһүн тыалыы таҕыстым. Ол сылдьан, билбэт үрэхпэр киирэн мунан хааллым, отуубун уонна дьоммун булбатым. Икки хонугу мэлдьи хаамтым. Аччыктаан сэниэм эһиннэ, мэйиим дөйүөрэн хаалла, үөгүлүүрбэр күөмэйим бүттэ. Биирдэ, муҥулах төбөтүгэр ыттан туран, ханна эмэ киһи баар сибикитин булаары, төгүрүччү олоотуу турдум. Эргиллээри сыыһа үктээн, аллараа диэки «сур» гынан хааллым. Өйдөөбүтүм кыбыс-кыараҕас баҕайыга икки илиибин өрө ууммутунан ыбылы ылларан турабын. Үөһээнэн сырдык киирэр. Муҥулаҕым көҥдөйүгэр түспүппүн дьэ өйдөөтүм. Эмэх күүдээнигэр чачайан тута бара сыстым.

Ол аайы өлөрүм чахчы кэллэ, манна ким да ата кэлэн үлтү тэбэн быыһыыра суох. Били уһаатым иһиттэн күрээбэккэ, тук курдук хаайыыга кииртим буоллар, син өлүө суох этим. Хаһан эрэ тахсан, ыар буруйа суох киһи, дойдум сирэйин сирэйдээх этим диэн улаханнык санаарҕаатым уонна аны хаайыыга киирбэтэхпин кутуруйар киһи буоллум. Хаайыыга киирбэккэбин муҥулахха түһэн өлөр дьылҕаланным.

Ол туран, арыт утуйар, арыт дөйүөрэр быһыылаахпын, хас да хоммуппун билбэппин. Этим ыарыыката, хоргуйбутум, утаппытым бөҕө сүрдээх. Өлөрүм чугаһаата быһыылаах. Икки илиим утуйан хаалар, тоҕонохпуттан ыал нэһиилэ кэтэхпэр диэри токутабын уонна мускуйабын, оччоҕо көһүйэрэ арыый үтүө буолар. Арай дьоннор саҥалара иһилиннэ. Үөрүүбэр үөгүлүү сыстым. Ол эрээри, куттанан куотан хаалыахтара дии санаан туттуннум. Дьонум саҥалара:«Ээ, бу турар эбит кураанах, умуллубакка өр умайа сытыах мас»,– дэстилэр да, мин муҥулахпын, кэлэн, икки өттүттэн кэрдэн киирэн бардылар. Мин – үөрүүбүн кытта бэйэм. Ол эрээри хаһан эрэ атахпын быһа биэрэллэр диэн куттанным. Сүгэлэрэ улам чугаһаан, атахпар биллэр буолан иһэрэ сүрэ бэрт буолан барда. Ол иһин:«Дьон баар буоллаххытына быһааҥ!» – диэн хаһыытаабыппын кулгааҕым истэн хаалла. Ону истээт, дьоннорум:«Хайа, бу тугуй!»– диэт, тыастара сырсан тигинэһэ турдулар. Мин муҥулаҕым иһигэр тыыммын, иһиллэммитим курдук, иһиллэнэ хааллым. Кэннилэриттэн үөгүлээн, киһибин биллэрэ сатаатым да, туһа тахсыбата. Ол аайы аны туох түбэлтэнэн туһанан быыһаныам баарай, саарбаҕа суох өлөрүм кэллэ. Атаҕа да суох дьоннор син тыыннаах сылдьалларын саныы биэрээт, аны кинилэри ордугургуур күнүм кэллэ уонна атахпын сүгэнэн быһа оҕустарбаккабын диэн кутуруйан, ытаатым.

Ол түүн тыал буолла. Муҥулаҕым хаа-дьаа туллаҥнаан ылар. Мин ол аайы хамсыырын хоту холкуҥнаан биэрэ сатыыбын. Ол туран утуктаан, күүһүм эстэн, тугу да билбэккэ бардым. Арай, биирдэ түһээн балаҕан үрдүттэн сыыһа үктэнэн сиргэ «лик» гына түстүм. Уһукта биэрбитим – хабыс хараҥа, ыбылы ылларбытым курдук ыбылы ылларан турабын. Оо, туох быыһыай, абырыа баарай! Ол туран атахпын хамсатан көрбүтүм – холкутуйбукка дылы. Тэбиэлээн көрбүтүм — көтүрүтэ барар. Ол иһин тэбиэлии-тэбиэлии аллараа диэки түһэ сатыыр үлэлэнним. Ол «туран» өйдөөбүтүм быһыыта, сытар эбиппин – аҥар ойоҕоһум аҥардастыы баттанара биллэр буолла. Маһым охтубут буоллаҕа дии санаан үөрдүм. Атахпынан өскө күүскэ үлэлии-үлэлии таҥнары сыылла сатыы сыттым, оо, нук гыныах сэниэ суоҕа, утаппытым аччыктаабытым, эт-этим ыалдьыбыта бөҕө!

Бу түбэлтэттэн ордон, киһи буолуом да дии санаабатаҕым. Урут ийэбиттэн биирдэ, төрөөбүттээхпин билэбин. Ити сарсыарда күн тахсыыта муҥнанан-муҥнанан иккиспин көҥдөй муҥулахтан төрөөтүм, үөрүү улахана миэхэ буолла. Босхоломмучча туран дьиэбэр барыах киһи курдук, сүүрээри гыммытым, атаҕым сүүрдүбүтүн иһин, икки илиим тугу да билбэт, икки өттүбэр икки дүлүҥ курдук соһуллар, утуйан хаалбыт. Эмиэ биир моһуок буолла. Киһи илиитэ баттаан сыттахха, хаана бөлүөҕүрэн утуйар, ону имитэн, мускуйан, хаанын тарҕаттахха уһуктар үһү диэн истэр этим. Ол иһин төттөрү-таары сүүрэлээтим уонна икки илиибин тииккэ кыһарыйан имиттим, мускуйдум. Дэлби тириттим, сылайдым, аччыктаан күүһүм быһынна. Ол эрээри илиилэрим улам сылыйан, дырылаан, илии илиинэн буолан бардылар. Эмиэ үөрдүм. Эмиэ туран бараары гынным да, аны туран хайа да диэки баран киһилээх-сүөһүлээх сири булуохпун билбэт эбиппин. Били муҥулахха түһүөм иннинээҕи мунан да өлөр кутталбыттан тахса илик эбиппин.

Ыксаан сиргэ олоро биэрдим. Хайдах да буолуохпун булбакка санаа бөҕөҕө түһэн хараастан олорон, өйдөөн көрбүтүм – арай биир мөһөччүк сытар. Иһигэр түөрт быһыы лэппиэскэ, арыы, оһумуой чаай баар. Бу хантан кэлбитин саныы да барбатым. Оо, дьэ онно аһаан сиэн абыраммыппын! Онтон салгыы уулаах маары булан, уу иһэн, иһэ сатаан баран суунан, хараҕым илэ бааччы сырдаан, санаабар күүс бөҕө киирэн, киһи хара буоллум. Оо, ол дьоллоох күммүн хаһан да умнуом суоҕа! Ол аһаан абыранан баран, аны иһим ыалдьан, ол күнү супту сытан, мөхсөн таҕыстым. Хойут өйдөөтөхпүнэ, ол мөһөөччүгү мин муҥулахпын кэрдибит булчуттар бырахпыттар.

Сарсыныгар аттаах киһи суолун биир дьаамҥа киирэн, киһи буолтум. Онтон мин иккитэ төрөөн турабын. «Үтүө киһи үстэ төрөөн төннөр» диэн өс хоһооно баар. Мин аны үсүһүн төрүүрбүн күүтэбин.

Сэмэн уол сэһэнин бүтэрдэ. Мин, кини сэһэнин истэ олорон, баай былааһын саҕанааҕы үйэҕэ көҥдөй кумалааҥҥа түспэтэллэр да, батараактарын «буруйугар» түгэҕэ суох олох чүөмпэтигэр түспүт, «тайҕаҕа» да баран сурахтыын сүппүт элбэх ыччаттары санаатым.

Поделиться в MAX Чолбон  

УлуусМедиаУлуусМедиа

Поделиться:
19:15
6
Нет комментариев. Ваш будет первым!



Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.