Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории или вступай и обсуждай. 

Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

От үлэтэ: адьас мөлтөх аҕыйах, биэтэккэ чугаһаабыт элбэх

От үлэтэ: адьас мөлтөх аҕыйах, биэтэккэ чугаһаабыт элбэх

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр түмүллүбүт отчуотунан сирдэттэххэ, Саха сирин ходуһаларыгар 320 948 гектар иэннээх сир охсуллан, 360 169 туонна от кэбиһиллэн, бүттүүн былаан 85 бырыһыана туолла. Ону таһынан 16 339 туонна сиилэс (55%) угулунна уонна 6 029 туонна сенаж (41%) сууланна.

Былааннаах отторун «Сатай» куораттааҕы уокурук (795 туонна от) 227, Ньурба (29 850,8 т) уонна Аллараа Халыма (71 т) 101-дии, Уус Маайа (1 936 т) 100-түү бырыһыан толордулар. Биэтэккэ чугаһаабыт улуустар элбэхтэр: Бүлүү (22 857 т) 99, Үөһээ Бүлүү (24 971,2 т) уонна Чурапчы (38 736,5 т) 97-лии, Уус Алдан (29 562,5 т) уонна Орто Халыма (4 128,5 т) 95-тии, Амма (27 971 т) 90, Мэҥэ Хаҥалас (39 304,4 т) 89 бырыһыаннаахтар. Бу сырыыга аны мэҥэлэр чурапчылары ыйааһыннарынан баһыйдылар.

Сайыҥҥы ардах халааныттан эмсэҕэлээбит улуустарга сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатын балаһыанньата сыыйа көнөн эрэр. Ол курдук, Нам 88, Абый 81, Кэбээйи 77, Сунтаар 76, Өлүөхүмэ 75, Өймөкөөн 74, Хаҥалас уонна Дьокуускай 64-түү, Үөһээ Дьааҥы 45 бырыһыаннарын ситистилэр. Эбээн Бытантай 30 бырыһыаҥҥа тириэртэ. Хотугу улуустартан бу кэмҥэ Усуйаана 17 бырыһыанын оттоон, адьас мөлтөхтүк иһэр. Булуҥтан быйыл сайын сибидиэнньэ төрүт киирбэтэ.

Мобильнай биригээдэлэр ахсааннара – 107. Кинилэр отчуоттанар кэмҥэ холбоон 16 003 туонна оттоохтор. Бүлүү улууһун 28 мобильнай звенота 4 263 туонна оттонно. Амма улууһа эрдэттэн тэринэн, 6 биригээдэ 3 407 туонна кэбиһиилэннэ. Хаҥалас (14) 1 680, Чурапчы (13) 1 331, Уус Алдан (13) 1 044, Таатта 1 010, Куорунай (3) 817 туонналыы оту туруордулар. Атын улуустар киэннэрэ дуона суох эбэтэр сибээс тиийбэтинэн ситэтэ суох.

Василий Никифоров  

Поделиться в MAX сенокос  

УлуусМедиаУлуусМедиа

Поделиться:
—
09:30
0
Нет комментариев. Ваш будет первым!



Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.