Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории или вступай и обсуждай. 

Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Дьахтар сайына эрдэлиэ, хаһыҥ хойутуо: Тускул халлааны туох диэн билгэлиир?

Дьахтар сайына эрдэлиэ, хаһыҥ хойутуо: Тускул халлааны туох диэн билгэлиир?

Балаҕан ыйын 21-с күнүгэр сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр, онтон ыла түүнэ уһуур, сыыйа тымныйан киирэн барар. Ол эрэн күн бүгүҥҥэ диэри Саха сирин бары кэриэтэ улуустарыгар хаһыҥ уонна күүстээх тымныылар түһэ иликтэр. Бүгүн норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускул нэдиэлэтээҕи сылыктааһынын Улус.Медиа ыстатыйатыгар сиһилии ааҕыҥ.

Тускул билгэлииринэн, Саха сиригэр дьахтар сайына быйыл эрдэ кэлиэҕэ, чуолаан – балаҕан ыйын 10-15 күннэригэр. Бу ый улахан хаһыҥа суох, арыый хойутаан түһэрэ буолуо диэн кини сабаҕалыыр. 12-с чыыһылаҕа диэри салгын температурата күнүһүн +12, +16, түүнүн +3, +6 кыраадыска тэҥнэһиэ.

“Хортуоппуйу, оҕуруот аһын балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри хомуйуохха наада, тоҕо диэтэр ый ортотуттан ардахтар саҕаланыахтара, оттон балаҕан ыйын бүтэһик декадатыгар ардах хаарынан солбуллан, силбик күннэр туруохтара”, — диир Тарас Тарасов-Тускул.

Саха сиригэр халлаан туруга

Илин эҥэр улуустарга бу бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа (балаҕан ыйын 11-12 күннэригэр) түүнүн +3, +4, күнүһүн +12, +13 кыраадыс буолара күүтүллэр, кыратык ардыыр. Киин улуустарга түүҥҥү өттүгэр +5, +6, күнүһүн +12, +13 кыраадыс, быстах ардахтаах. Бүлүү эҥэргэ түүн +6, +7, күнүс +13, +14 буолуоҕа, чэппиэр күн (балаҕан ыйын 10 күнүгэр) күүстээх ардах түһүөҕэ.

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга 11-12 чыыһылаларга түүнүн +6, +7, күнүһүн +14, +15 кыраадыска тиийэ сылыйыа. Маныаха сэрэдэҕэ, чэппиэргэ кыратык ардыаҕа, оттон бээтинсэҕэ күүстээх ардах кэлиэхтээх. Өймөкөөҥҥө түүн 0, +1 кыраадыс, күнүһүн +9, +10. Манна эмиэ бээтинсэ күн ардах түһэрэ күүтүллэр.

Дьааҥы эҥээр улуустарга түүн температура +1, +2 эрэ кыраадыска тиийэр, күнүһүн +8, +9 диэри тахсар. Балаҕан ыйын 8, 9 уонна 12 чыыһылаларыгар быстах ардахтар баар буолуохтара. Халыма, Индигиир улуустарыгар түүнүн 0, +1 – маны таһынан, быстах ардахтар олус элбэх буолуох курдуктар.

Арҕаа арктика улуустарыгар бээтинсэҕэ, субуотаҕа түүҥҥү өттүгэр +3, +4 кыраадыс, күнүһүн +6, +7. Бу бөлөххө ардахтар нэдиэлэ устата тохтоло суох түһүөхтэрэ сабаҕаланар.

“Халлаан баттааһына мөлтөх буолан, саҥа ый туолан балыктыырга табыгаһа суох кэм. Күн эстиитэ балаҕан ыйын 12 күнүгэр диэри биир да бэлиэтэммэт”, — диэн кэпсиир норуот синоптига.

Түмүккэ Тускул бу кэмҥэ барарга-кэлэргэ, дьиэ таһыгар үлэлииргэ, оттуурга, сир астыырга үчүгэй күннэр тураллар диэн үллэһиннэ.

Өссө ааҕыҥ: Балаҕан ыйа – Улуу Суорун ыйа: төлкөтө, билгэтэ, майгы-сигили уратылара Поделиться в MAX Погода  

УлуусМедиаУлуусМедиа

Поделиться:
—
16:45
2
Нет комментариев. Ваш будет первым!



Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.