Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

“Үлэлиэх киһини үлэлэппэтилэр…”

Соторутааҕыта Мухтуйаттан кэлэ сылдьар киһини көрсөн ол-бу олох-дьаһах туһунан кэпсэттибит.

-Улуускут баһылыга казах киһитэ этэ. Уураттылар дуу, уурайда дуу? – ыйытабын.

– Үлэһит, суобастаах киһини өр гымматтар. Хаарыан баһылыкпытын сүгүннээбэтилэр диэн биһиги улаханнык харыһыйдыбыт.

-Ноо…

-Ньылаҥса, ньуолбар, эккэһит дьон кэмэ, оннук дьону былааска таһаарар систиэмэ кэлэн турар. Тугу эмэ туһалааҕы, норуот туһугар оҥордорбун диир киһини уһаппаттар. Кэлэйиилээх да, абаккалаах да дьыала.

Дьэ, иһит, биһиги диэки туох быһыы-майгы буолбутун. Ленскэйгэ сахалар төһө да 30-тан тахса эрэ бырыһыан буолларбыт, быыбарга куоластааччыта – саха. Нууччалар, омуктар биһиги быыбарбытыгар орооспоттор, интэриэһиргээбэттэр. Уруккуттан оннук. “Единэйдэри” утаран 2017 сыллаахха урбаанньыт Жумарт Абильмановы талан турабыт. Үлэһитин, дьаһаныылааҕын көрө-билэ сылдьар киһибит. Боп-боростой, суп-судургу, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох, “баар” буоллаҕына баар, “суох” буоллаҕына суох. Биир тыллаах, бэйэтин харытынан үлэлээн байбыт киһи.

Абильманов бастаан тугу гынна диэ?

-Дьэ эрэ.

-Улуус иһинээҕи суоллары барытын муниципальнай бас билиигэ көһөрдө. Туох баар суолларга учуотчут туруоран сууккаҕа, нэдиэлэҕэ, ыйга, кыбаарталга төһө массыына бу суолунан айанныырын аахтарда. Төһөтө бу суолунан олохтоох дьон, хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр массыыналара сылдьалларый, төһөтө промышленнай хампаанньалар массыыналара тэпсэллэрий. Биһиги эҥэр промышленнай хампаанньа бөҕө, истэ-билэ сылдьаргыт буолуо. Аҥаардас ньиэп-гаас хостуур 12 улахан хампаанньа баар. Итинник аахтаран баран Абильманов промышленнай хампаанньаларга түһээн түһэрэр – улуус, нэһилиэк, куорат суолларынан айанныыргыт иһин бука баһаалыста төлөөҥ. Бастакы сылга 120 мөлүйүөнтэн тахсаны улуус бюджетигэр эбии киллэрэр. Ол харчынан тугу гынна диэ? Барытын тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар укта. Урукку ыһыллан хаалбыт совхоз отделенияларын сөргүтэлээн, быраҕыллан турбут хотоннору иһиттэн-таһыттан өрөмүөннээн, автоматикалаан кэбистэ. Ынах бөҕөнү атыылаһан аҕалтарбыта. Ыанньыксыт хамнаһа ыйга 70-100 тыһ. буолбута.

Аны соҕотуопка, переработка сыахтарын барытын кафель тэлгэтэн, сабыс-саҥа аныгы оборудованиенан толорон кэбистэ. Туох баар дэриэбинэлэргэ сыыр кытары оҥоһуллар буолла. Атын оройуоннартан технологтары аҕалтаабыта. Холобур, аатын ааттаппыт “Кладовая Олекмы” ас кэмбинээтиттэн  уопуттаах салайааччыны Николай Ефимовы-Владимировы.   Онон переработка үлэтэ туох да наһаа тахсыылаахтык барда. Ленскэйгэ туох да баараҕай овощехранилище туттаран үлэҕэ киллэттэрбитэ.

Туох баар оҕо тэрилтэтин, балыыһаны, спортивнай тутуулары туура барытын өрөмүөннэттэ. Олорчу! Туох баар кружок, секция – босхо.  Оҕо бөҕө атын куораттарга баран куоҥкуруска кыттар буолла, айанын барытын улуус төлүүр.  “Алмаз” диэн аныгы оборудованиелаах, наһаа үчүгэй лааҕыры улуус балансатыгар ылан киһи билбэт аныгы сынньалаҥ киинэ тэрийбитэ.  Оҕо бөҕө босхо сынньанар.

Аны балыыһа, оскуола, дьыссаат салайааччылара онтон-мантан ас, бородуукта атыылаһалларын кытаанахтык бобон, бары олохтоох производственниктартан эрэ атыылаһар усулуобуйаларын тэрийбитэ. Оҕо-ыччат, ыарыһах, кырдьаҕас хаачыстыбалаах, сибиэһэй, олохтоох бэйэтин аһын аһыахтаах диэн. Бэйэбит оҥорон таһаарааччыларбытын өйүөхтээхпит диэн. Биир эмэ сэбиэдиссэй атын сиртэн атыыластын эрэ, ыҥыран ылар уонна “по собственному” суруйтарар, дьыала онон бүтэр. Ленскэйгэ оскуола оҕотун аһатар ас кэмбинээтин кытары тэрийбитэ, урукку курдук.

90-с сыллартан быраҕылла сыппыт бааһыналары барытын тиэртэрэн бурдуктан саҕалаан хортуоппуйга, помидорга тиийэ ыстарда, олортордо. 900-тэн тахса га барыта бааһына. Бэйэбит эппит, көтөрбүт, үүппүт, үрүҥ аспыт, сыырбыт, сымыыппыт, оҕуруоппут аһа, кэнсиэрбэбит, полуфабрикаппыт…

Тутуу боруоста балысханнык барда. Суол бөҕө тутулунна, дэриэбинэлэр икки ардыларыгар автобустар сылдьар буоллулар. Саҥа транспорт бөҕө. Пеледуйга, Витимҥэ уу суола туох да харгыһа суох буолла, өссө 60% чэпчэтиилээх! Дэлэҕэ да 2022  сыллаахха төһө да араастаан сэриилии сатаабыттарын үрдүнэн Абильманов хаардыы хааман кыайыа дуо, иккис болдьоҕор!

Биһиэхэ Дьокуускайдааҕар элбэх тутуу барар. Холобур, Дьокуускайга биир киһиэхэ сылга 21,1 кв м тутуллар эбит буоллаҕына, Ленскэйгэ – 31 кв м. Инвестиция биир киһиэхэ – 10 мөл. тахса этэ.

Балыыһалар дьиҥэ республика бюджетиттэн үбүлэнэллэр эрээри, Абильманов наар балыыһаларын эбии өйүүр этэ. Пандемия кэмигэр дьон бөҕөнү абыраабыта – реанимацияны эҥин ремоннаан, быраастары дьиэлээн-уоттаан.

Уопсайынан, Абильманов бу ааспыт алта сылга туох да улахан үлэни оҥордо. Боростойо, судургута, дьоҥҥо сыһыана туох да олус үчүгэй салайааччы… этэ диирбитигэр тиийэбит. Атын кэмэ буоллар кини уопутун атын улуустарга тарҕатыа этилэр.

-Оччотугар ким, тоҕо дуоһунаһыттан барарга күһэйдэ? 

-Мин саныахпар, улууска баар промышленниктар батарбатылар. Кинилэр сакаастарынан туораттылар дии саныыбын. Аччык силовик баһаам дии… Биири кэпсээн турардаахтар. Бастаан улуус баһылыгынан талыллыбытыгар промышленниктар бартыбыаллаах кэлэ сылдьыбыттар. Ону “киэр гыныҥ, мин кыаммат киһи буолбатахпын” диэбит. Улахан гараһыгар араас омук марката, бэл, коллекционнай массыыналар кэчигирээн турар буоллахтара.

***

Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru

На фото Жумарт Абильманов, фото с сайта пресс-службы администрации Ленского района


Источник: Аартык
Поделиться:
08:50
28
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.