Добро пожаловать на социальную сеть Этэрбэс! 

Пройди регистрацию и начинай общаться, делай посты, истории, создавай группы или вступай и обсуждай. Заказывайте машину, и вас увидят все машины в радиусе 10 км.

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынын, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

Изображение Изображение

VIII. Баайга-дуолга, сүөһүгэ-аска сыһыаҥҥа:

1. Үлэҕинэн-хамнаскынан сөпкө байарыҥ аньыы буолбатах.

2. Ол гынан баран, дьону албыннаама, халаама-талаама, уорума, алдьатыма, дьонтон иэс ылан баран мэлдьэһэн кэбиһимэ. Атын киһи баайын туох эрэ албынынан, албаһынан иҥэринэ сатаама. Баайын ылаары киһини өлөрүмэ. Тулаайахтар баайдарын былдьаама. Албынынан эр, эбэтэр ойох буолан баай үллэстэ, дьиэ-уот ыла сатаама. Ити барыта ыар аньыы. «Тыалынан киирбит холоругунан тахсар» диэн мээнэ үөрэх буолбатах.

3. Тугу оҥорбутуҥ, айбытыҥ-туппутуҥ, үйэлээҕи хаалларбытыҥ, үлэлээн булбутуҥ, эбэтэр үлэҕэр кэлбит төлөбүрүҥ, ииппит сүөһүҥ, дьиэҥ-уотуҥ, күрүөҥ-хаһааҥ, туттар малыҥ, дьиэҥ тэрилэ, киэргэлэ, ууруллубут баайыҥ, хасааһыҥ, дьоҥҥо биэрбит иэһиҥ барыта — эн баайыҥ. Аар Айыы итэҕэлэ ону утарбат.

4. Аар Айыы итэҕэлэ эн үлэлээн-хамсаан тоттук-нүөллүк, дэлэгэйдик олороргун утарбат, онно аньыы-хара ааҕыллыбат.

5. Ол эрээри баайга-дуолга олус ымсыы буолума. Баай-дуол хамначчыта буолума. Булбут баайыҥ-дуолуҥ эйиэхэ туһалыахтаах, эн киниэхэ буолбатах.

6. Кэччэгэй буолума. «Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. «Кэччэгэй кэриэһэ суох» диэн эмиэ ити үөрэх этиитэ. Кэччэгэй бэйэтэ баай-дуол хамначчыта, кини бэйэтин да баайын кыайан туһаммат. Оттон ити ыар анал, ынырык ыйаах буолар.

7. Ымсыы буолума. Харчы, баай ымсыы киһиэхэ кыайан кэлбэттэр. Кинилэр ымсыы киһини абааһы көрөллөр.

8. Ымсыы ыттыйыыга тириэрдиэн сөп. «Ымсыы киһи ыттааҕар куһаҕан» диэн ыарахан тыллар. Ымсыы быһыы араас куһаҕаҥҥа сирдээн аҕалыан сөп.

9. Иҥсэлээх буолума. Иҥсэҕин кыана үөрэн. Иҥсэрэн байыам дии санаама. Иҥсэрэ олоруоҥ кэриэтэ баай-дуол, үлэ-хамнас булунар толкуйда тобул.

10. Уоруйах буолума. Уоруллубут баай-дуол, мал эйиэхэ төрүт туһалыахтара суоҕа. Хата, төттөрүтүн, туох эрэ иэдээҥҥэ аҕалыахтара. Бу Аар Айыылар былыр-былыргыттан олохтообут кэһиллибэт сокуоннара, ыһыллыбат ыйаахтара буолар.

11. «Сыһыы аайы сыспай сиэллээҕи сырыһыннар, хонуу аайы хороҕор муостааҕы хотолут» диэн былыргы үөрэх тылларын сүөһү ииттэр буоллаххына, хайаан да толор.

12. Сүөһүҥ ыччатын кэрдимэ, сүөһүҥ ханныа. Былыргы өбүгэлэрбит сүөһү сааһырбытын, куруйбутун кэннэ идэһэлэнэр этилэр.

13. Сүөһүгэр үчүгэйдик сыһыаннас. Сүөһүгэ куһаҕаннык сыһыаннаһартан Аан Алахчын Хотун хомойор, киэр хайыһыан сөптөөх. Ынаҕыҥ, оҕуһуҥ эн аһатааччыларыҥ, баайыҥ-дуолуҥ, көлүнэр оҕуһуҥ — бухатыырыҥ, үлэһитиҥ, көлүнэр сылгыҥ эн доҕоруҥ, быыһааччыҥ, сыһыыгар сырсар сылгыларыҥ баайыҥ-дуолуҥ,

аһыҥ-үөлүҥ.

14. Сотору-сотору ынах, сылгы сүөһүтэ Айыы ойуунунан тартар. Ол туһалыаҕа.

15. Сөп буола-буола сүөһүлэриҥ хаанын уларыт, оччоҕо торолуйан үөскүөхтэрэ.

16. Төһө кыалларынан идэһэҕин үтүө доҕотторгунуун атастас. Оччоҕо сүөһүлэриҥ хомойуохтара, хоргутуохтара суоҕа.

17. Сылгы да, ынах да сүөһү элбэҕи өйдүүр-саныыр кыахтаахтарын өйдөө. Сүөһү эн киниэхэ хайдах сыһыаннаһаргынан эйиэхэ сыһыаннаһар.

18. Ынаххын кыаһылаан, биэҕин кэлгийэн туран ыама. Кинилэр оччоҕо эйиэхэ үчүгэй үүтү биэриэхтэрэ суоҕа.

19. Сүөһүлэргин кырбаама. Сылгыны эйиэхэ Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон ыыппыта. Кини Уордаах эбээт, кырдьык уордайыан сөп. Ынах сүөһүнү Ала Мылахсын биэрбитэ, кини хомойумтуо. Сүөһүлэргин мээнэ мөҕүмэ даҕаны. Кинилэр, бэл, сэмэлээтэххинэ, төбөлөрүн илгистэ түһэллэр буолбаат?! Кинилэр наһаа өйдөөхтөрүн умнума.

20. Сүөһүҥ эйиэхэ махтала — эн өҥнүк-тоттук олороруҥ буолар. Сылгы да, ынах да сүөһү наһаа иччимсэҕин умнума. Эн кинилэри таптыыр буоллаххына, кинилэр эйигин эмиэ таптыыллар, эйиэхэ эрэнэллэр, эйигин көмүскэллэрин курдук көрөллөр. Үчүгэй атыыр сылгы эһэни, бөрөнү кытта тэҥҥэ охсуһар уонна көмүскэтээри төһө кыайарынан дьоҥҥо чугаһыыр, оттон үчүгэй атыыр оҕус ынахтарын дьон олорор сирин диэки салайан үүрэ-үүрэ адьырҕалардыын охсуһар. Бөрөнү быһыта тэбиэлээн өлөрөр атыырдар, эһэни муостарыгар үөлбүтүнэн киирэр оҕустар бааллара эбээт! Мээнэҕэ үстүү сүрэхтээх, үстүү бүөрдээх, үстүү хабахтаах атыырдар үөскээн ааһыахтара дуо?! Бу сымыйа буолбатах, олоххо дьиҥнээхтик баар көстүү буолар. Сүөһүгүн үчүгэйдик туттаххына, Күрүө Дьөһөгөй, Ала Мылахсын итинник ураты сүөһүлэри эйиэхэ да биирдэ эмит биэриэхтэрин сөп.

21. Саха киһитэ сүөһүлээҕин эрэ тухары саха киһитэ буолуоҕа.

22. Сүөһүлэргин үчүгэйдик аһат, кэччэнимэ. Сайын үчүгэйдик, элбэхтик, сүрэҕэлдьээбэккэ, кэмигэр оттоо. Отуҥ сүмэтин сүтэрбэккэ, ардахха ылларбакка мунньан кэбис, кэбиһиилээх оккун хаар, самыыр хоппотун курдук оҥор, үчүгэйдик күрүөлээ. Кэбиһиилээх үчүгэй күрүөлээх оттор эн баайдарыҥ буолаллар.

23. Атын дьон сүөһүтүн уорума-алдьатыма, кинилэргэ эмиэ куһаҕаннык сыһыаннаһыма. Кинилэр син биир Күрүө Дьөһөгөйтөн, Ала Мылахсынтан кэлбиттэрэ эбээт! Онон аньыыта-харата биир буолар. Ону умнума уонна куруутун өйдөө.

Изображение Изображение Аар Айыы итэҕэлин сyрyн ирдэбиллэрэ   Аар Айыы итэҕэлин сyрyн ирдэбиллэрэ — II Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — III Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — IV Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — V Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — VI Фото: Иннокентий КОРЯКИН хартыыналарын хаартыската худуоһунньуктан бэйэтиттэн көҥүллээх тахсаллар. Источник: В.А. КОНДАКОВ. «Аар Айыы итэҕэлэ». 131- 133 стр., 2011 с.
Источник: SakhaLife
Поделиться:
07:12
36
Нет комментариев. Ваш будет первым!


Используя этот сайт, вы соглашаетесь с тем, что мы используем файлы cookie.